Dialogue Social Enterprise

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Dialogue Social Enterprise GmbH[1] (DSE; ниэм. Consens Ausstellungs GmbH[2]) — кырдьаҕас уонна инбэлиит дьонугар анаммыт түмэт урбаан ниэмэс хампаанньата[3][4][5]. Хампаанньа инбэлииттэр билиилэрин көмөтүнэн семинардары уонна трениҥнары ыытар.[3][4][5].

Тэрилтэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Dialogue Social Enterprise GmbH  хампаанньаны 2008 сыллаахха Андреас Хайнеке уонна кини кэргэнэ Орна Коэн (ааҥл. Orna Cohen) тэрийбиттэрэ[3][6]. Хампаанньа ол кэмҥэ кинилэргэ баар бырайыактары барытын биир түмсүүгэ түмпүтэ. Кэлин саҥа хайысхаларга да үлэлиир буолбуттара.

Хампаанньаны Андреас Хайнеке салайар[3][7].

Хампаанньа киинэ Гамбург куоракка (Ньиэмэс сирэ) баар[3].

Хампаанньа Manpower Inc, Ашок Пуондатын, Шваб Түмэт урбаан Пуондатын, Bain & Company, McKinsey & Company, Lovells Corporate уонна Springer and Jacoby Group курдук тэрилтэлэри кытта тэҥҥэ үлэлиир[3].

Дьарыга[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Dialogue Social Enterprise GmbH хампаанньа инбэлииттэр уонна көннөрү дьон икки ардыларыгар баар мэһэйи суох оҥорорго уонна инбэлииттэр көннөрү олоххо туһанар дьоҕурдарын доруобай дьоҥҥо тириэрдэр туһугар үлэлиир[3].

Ол туһугар эҥин араас түмэллэри, көрүлтэлэри (быыстапкалары) уонна семинардары тэрийэллэр, ыыталлар[3].

Хампаанньа сүрүн бырайыактара[3]:

  • Хараҥаҕа кэпэстии (ааҥл. Dialogue in the Dark) — Гамбург куоракка баар хараҕа суохтарга анаммыт түмэл, көрүлтэлэр уонна семинардар.
  • Уу чумпуга кэпсэтии (ааҥл. Dialogue in Silence) — дьүлэй уонна куһаҕаннык истэр дьоҥҥо анаммыт көрүлтэлэр уонна семинардар.
  • Кэми кытта кэпсэтии (ааҥл. Dialogue with Time) — экспериментальнай хайысха — кырдьаҕастар ыытар көрүлтэлэрэ уонна оонньуулара.

Ону таһынан тэрилтэ кэлиилэр (миграннар) уонна хаайыыттан тахсыбыт дьон билиилэрин ылыы бырайыактарын оҥорор[8].

Хампаанньа лицензияларын атыылаан харчы оҥорор[4][5]. Ылбыт харчыларынан DSE оросхуоттарын сабаллар уонна сайдарга ыыталлар[4].

2010 сыллаахха хампаанньа 5,5 мөл доллар харчылаах этэ[9].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Ein Schritt ins Unbekannte(ниэм.). Deutscher Gründerprei (2011). Тургутулунна 4 Ыам ыйын 2015.
  2. Vanesa Robles, Karls Juarez. "Mexico's Husband:. — The Lifestyle.
  3. 3,0 3,1 3,2 3,3 3,4 3,5 3,6 3,7 3,8 Company Overview of Dialogue Social Enterprise GmbH(ааҥл.). Bloomberg. Тургутулунна 4 Ыам ыйын 2015.
  4. 4,0 4,1 4,2 4,3 Dialogue in the Dark success story(ааҥл.). Сеть социальных предприятий. Тургутулунна 4 Ыам ыйын 2015.
  5. 5,0 5,1 5,2 Ram A. Cnaan, Diane Vinokur-Kaplan Chapter 11. Dialogue in the Dark: Mainstreaming Blind People in Germgany // Cases in Innovative Nonprofits: Organizations That Make a Difference. — SAGE Publications, 2014. — 336 с. — ISBN 148332432X, 9781483324326
  6. По данным самой компании Архыыптаммыт 2015, Ыам ыйын 5 күнүгэр., среди учредителей также были «Laura Gorni, Klara Kletzka and Thomas Richter».
  7. См.
  8. ANDREAS HEINECKE(ааҥл.). Ашока (фонд). Тургутулунна 4 Ыам ыйын 2015.
  9. Dialogue Social Enterprise(ааҥл.). Фондом социального предпринимательства Шваба. Тургутулунна 4 Ыам ыйын 2015.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]