BBC
![]() | |
Көрүҥэ | Телевидение уонна араадьыйа |
---|---|
Тэриллибитэ | 1922, алтынньы 18 |
Штаб-квартира |
Лондон, ![]() |
Үлэлиир сирэ |
![]() |
Барыhа | ▲ 5.166 млрд. £ |
Операционнай барыhа | ▲ 290 мөл. £ |
Бас билээччилэрэ |
Рона Фэйрхэд Тим Дэйви |
Үлэhиттэрэ | 22 749 (2020) |
Уэбсайта | www.bbc.com |
British Broadcasting Corporation (BBC) (сах. Бритаан Көрдөрөр-Иһитиннэрэр Корпорация) — Бритаан корпорация.
Устуоруйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1922, алтынньы 18 күҥҥэ British Broadcasting Company (Бритаан Көрдөрөр Хампааныйа) курдук тэриллибитэ. 1932, атырдьах ыйын 2 күнүгэр телевизорынан көрдөрүү саҥаламмыта. 1936 сыллаахха диэри телевизорынан кыратык уонна барыларга буотах көрдөрүү этэ. 1936 сыллаахха BBC Television Service тэриллимитэ, 1952 сыллаахха диэри соҕотох бритаан телеканаала этэ (ITV тэриллиитигэр диэри)[1]. Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр вещание тохтообута.
1964 сыллаахха BBC Two аһыллыбыта. 1967 сыллаахха дьүһүҥнээх көрдөрүү саҥаламмыта[2]. Ол кэмҥэ элбэх саҥа региональнай араадьыйа аһыллыбыттара.
1990-с сылларга аан дойдутааҕы көрдөрүү саҥаламмыта. BBC World Service Television Арассыыйаҕа, Украйиинаҕа, Дьобуруопа сойууһугар, Аустралиаҕа, Саҥа Зеландияҕа уонна сорох Африка дойдуларыгар көрдөрүүнү саҥалаабыта.
2007-c сылтан 1080i HD формаатыгар көрдөрүүнү саҥалаабыта.
Атын салаалара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- BBC One — сүрүн
- BBC News — сонуннарга аналлаах
- BBC Two — общай аналлаах
- BBC Three — эдэр ыччакка аналлаах
- BBC Four — үөрэххэ аналлаах
- СBBC — оҕолорго аналлаах
- CBeebies — оҕолорго аналлаах
- BBC Parliament — парлаамены көрдөр
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ About BBC News: Our History — bbc.com
- ↑ С 1884 до наших дней: история цветного телевидения — ichip.ru