2028 Сайыҥҥы Олимпия оонньуулара
Бу ыстатыйа эбэтэр ыстатыйа чааһа буолуохтаах түбэлтэлэри көрдөрөр. Манна буолбатах түбэлтэлэри көрдөрөллөр. Буолар күнэ-дьыла: 2028 сайына
|

2028 сайыҥҥы Олимпия оонньуулара (ааҥл. 2028 Summer Olympics, фр. Jeux olympiques d'été de 2028), сорумдьу XXXIV сайыҥҥы Олимпия оонньуулара диэн 2028 сайыныгар Лос Андьелеска буолар 34 сайыҥҥы Олимпия оонньуулара[1].
Париж уонна Лос Андьелес 2024 сайыҥҥы Олимпия оонньууларын куорат талыытыгар соҕотох хандьыдааттар этилэр[2]. 2017 сылга, от ыйын 31 күнүгэр Лос Андьелес дьаһалтата уонна Омуктар икки ардынааҕы Олимпия комитета салалтата Лос Андьелес 2028 сайыҥҥы Олимпия оонньуулары ыытаара биллибитэ[3][2].
2028 сайыҥҥы Олимпия оонньууларыгар маассыналары туттар бобуллар. Лос Андьелес дьаһалтата бу Олимпия оонньуулар ордук экологичэскэй буоларын эппитэ[4].
Куорат талыыта
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Быраансыйа, Париж. Былыр Париж иккитэ (1900, 1924) сайыҥҥы Олимпия оонньууларын ыыппыта. 2015 сылга, бэс ыйын 23 күнүгэр сайаапка ыытыллыбыта[5].
АХШ, Лос Андьелес. Былыр Лос Андьелес иккитэ (1932, 1984) сайыҥҥы Олимпия оонньууларын ыыппыта. 2014 сылга, сэтинньи 7 күнүгэр АХШ национал комитета оонньуулары ыытарга Бостоны талбыта[6]. Ол эрээри Бостон олохтоохторо уонна дьаһалта улаханнык оонньулары ыытарга интэриэһиргээбэтэхтэрэ[7]. Ол иһин АХШ национал комитета Лос Андьелеһы талбыта уонна сайаапканы ыыппыта.
Куорат талыытын түмүктэрэ[8][9] | ||
---|---|---|
Хандьыдааттар | Дойдулара | Бастакы түһүмэх |
Париж | ![]() |
67 (2024) |
Лос Андьелес | ![]() |
56 (2028) |
2017 сылга, балаҕан ыйын 13 күнүгэр ООК Лиматааҕы 130-с сессиятыгар түмүгү таһаарбыта. Лос Андьелес 2028 сайыҥҥы Олимпия оонньууларын ыытар куорат буолбута[2]. Олимпия оонньууларын устуоруйатыгар аан бастакы 11 сыл оонньуулар буолар иннитигэр ыытар куорат талыллыбыта[2].
Спорт көрүҥнэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2023 сылга, алтынньы 13 күнүгэр ООК, Мумбаитааҕы 121-с сессиятыгар, программаҕа эбии 5 оонньууну киллэрбитэ: былааг-буутбал, крикет, лякрос, бейсбол (софтбол) уонна сквош[10][11]. Сквош уонна былааг-буутбал бастакы төгүл баар буолаллар.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ LA 2028
- ↑ 2,0 2,1 2,2 2,3 IOC makes historic decision by simultaneously awarding Olympic Games 2024 to Paris and 2028 to Los Angeles
- ↑ Лос-Анджелес, выбранный столицей летних Олимпийских игр 2028 года
- ↑ На летних Олимпийских играх 2028 запретят использовать автомобили
- ↑ Париж официально подал заявку на проведение Олимпиады 2024 года
- ↑ Бостон будет претендовать на проведение летних Олимпийских игр 2024 года
- ↑ Support For Boston Olympics Falls Further, WBUR Poll Find
- ↑ Los Angeles to Host 2028 Olympic Summer Games, Paris Gets 2024
- ↑ Paris to host 2024 Olympics and Los Angeles 2028 edition after big-money deal struck
- ↑ МОК одобрил включение пяти дополнительных видов спорта в программу LA28
- ↑ В программу Олимпиады 2028 года включили пять новых видов спорта
Тас сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
|