2026 Кыhыҥҥы Олимпия оонньуулара
Бу ыстатыйа эбэтэр ыстатыйа чааһа буолуохтаах түбэлтэлэри көрдөрөр. Манна буолбатах түбэлтэлэри көрдөрөллөр. Буолар күнэ-дьыла: 2026, олунньу 6 күнэ — 2026, олунньу 22 күнэ
|
2026 Кыhыҥҥы Олимпия оонньуулара | |
---|---|
Сотору биллиэҕэ | |
![]() | |
2026 кыһыҥҥы Олимпия оонньууларын логотииба | |
Ыыппыт куорат | ![]() ![]() |
Кыттыбыт дойдулар | Сотору биллиэҕэ дойду |
Кыттыбыт спортсменнар | Сотору биллиэҕэ киһи |
Мэдээллэр | 116 |
Аһыллыы күнэ | Олунньу 6 күнэ |
Аспыта | Сотору биллиэҕэ |
Сабыллыы күнэ | Олунньу 22 күнэ |
Олимпия уота | Сотору биллиэҕэ |
Олимпия андаҕара | Сотору биллиэҕэ |
Стадиона | Сан-Сиро (Аһыллыы) Арена ди Верона (Аһыллыы) |
2026 кыһыҥҥы Олимпия оонньулара (ааҥл. 2026 Winter Olympics, фр. Jeux olympiques d'hiver de 2026, ит. XXV Giochi olimpici invernali), сорумдьу XXV кыһыҥҥы Олимпия оонньуулара диэн 2026 сылга, олунньу 6 — 22 күннэригэр Милаҥҥа уонна Кортина-д'Ампеццоҕа буолар 25-с кыһыҥҥы Олимпия оонньуулара[1][2].
Куорат талыыта
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сибиэссийэ, Стокһольм — Оре. Былыр Стокһольм биирдэ (1912) сайыҥҥы Олимпия оонньуларын ыыппыта. Кыһыҥҥы оонньуулар ыытыллыбатахтара. Оре биир даҕаны Олимпия оонньууларын ыыппатаҕа. Сайаапка ыытыллыбыта[3].
Италия, Кортина-д'Ампеццо — Милан. Былыр Кортина-д'Ампеццо биирдэ (1956) кыһыҥҥы Олимпия оонньууларын ыыппыта. Милан биир даҕаны Олимпия оонньууларын ыыппатаҕа. Сайаапка ыытыллыбыта[4].
Куорат талыытын түмүктэрэ[2] | ||
---|---|---|
Хандьыдааттар | Дойдулара | Бастакы түһүмэх |
Стокһольм — Оре | ![]() |
34 |
Кортина д'Ампеццо — Милан | ![]() |
47 |
2019 сылга, от ыйын 24 күнүгэр ООК Лозаннатааҕы 134-с сессиятыгар түмүгү таһаарбыта. Кортина-д'Ампеццо — Милан холбоһоммут сайаапка ыытар буолбута[2]. Олимпия оонньууларын устуоруйатыгар аан бастаан икки куорат холбоһоммут сайаапката ыытар быраап ылбыта.
Оонньуулар ыытыллар сирдэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Спорт оонньуулар ыытыллар сирдэрэ куораттарынан[5]:
Милан
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- «Джузеппе Меацца» ыстадыйона — аһыллыы;
- «ПалаИталиа» — хэккиэй (эр дьон, финааллар);
- «Медиоланум Форум» — фигурнай катание, шорт-трэк;
- «Пьацца-дель-Дуомо» — мэдээл туттарыытын миэстэтэ, быһа эфирдар буолар миэстэтэ;
- «Ро Фиэра Милано» — хэккиэй (дьахтар), конькобежнай спорт.
Кортина-д'Ампеццо
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- «Олимпия делле Тофане» — горнолыжнай спорт;
- Олимпия ыстадыйона — көрлинг;
- Эудьэньо Монти аатынан Олимпия трэга — бобслэй, саннай спорт, скелетон.
Верона
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- «Арена ди Верона» — сабыллыы.
Валь-ди-фиэмме
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- «Дьузеппе Даль Бен» — трамплинтан ыстаныы, лыжнай двоеборье;
- «Лаго ди Тезеро» — лыжнай гонка, лыжнай двоеборье.
Вальтелинна
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ливиньо — сноуборд, фристайл;
- «Стельвио» — горнолыжнай спорт, ски-альпинизм.
Разун-Альтерсельва
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- «Соҕуруу Тироль-арена» — биатлон.
Спорт көрүҥнэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]2026 кыһыҥҥы Олимпия оонньууларын спорт көрүҥнэрэ[6]:
Скобка турар нүөмэрдэр мэдээллэр ахсааннарын көрдөрөр.
Биатлон (11)
- Бобслэй:
Көрлинг (3)
Ски-альпинизм (3)
Сыарҕа спорта (5)
- Хааҥкылаах спорт көрүҥнэрэ:
- Хайыһар спорт көрүҥнэрэ:
Хэккиэй (2)
2026 кыһыҥҥы Олимпия оонньууларыгар ски-альпинизм аан бастакы кыттыыны ылар[7].
Көрдөрүү
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Winter Games Milano Cortina 2026
- ↑ 2,0 2,1 2,2 Milano Cortina awarded the Olympic Winter Games 2026
- ↑ Nytt beslut öppnar för OS i Sverige - Sport
- ↑ Olimpiadi 2026, Malagò: "Cortina, Milano, Torino: il 1° agosto la decisione su città candidata"
- ↑ Games Map
- ↑ Sports
- ↑ Милан – Кортина-2026 | Ски-альпинизм – новый олимпийский вид спорта
- ↑ IOC reaches agreement for broadcast rights in Brazil with Grupo Globo through to 2032
- ↑ IOC awards Olympic Games broadcast rights to NBCUniversal through to 2032
Тас сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
|