Юйсянь

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Юйсянь эбиллибит баклажан, мэльди баар Сычуань аһа

Юйсянь (Кытай тылыттан 魚香 эбэтэр 鱼香 тылбааһа «балык сыта») диэн биллэр Кытай куукунатын соуһа. Бастаан Сычуань куукунатыгар баар буолбут, кэлин Кытай бары регионнарыгар тарҕаммыт.[1]

Аата туруору тылбаастаатахха балык сыта диэн буолар, ол гынан баран састаабыгар балык суох, уонна балык астарыгар эбиллибэт. Номох кэпсээнинэр бастаан балыгы кытта сииргэ буһарыллара, ол гынан баран биирдэ балык суоҕугар эккэ эбиллибит. Ол аһы бары сөбүлээн итинник ааттаммыт.

Рецеба[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Юйсянь буһарыытыгар тууһаммыт чили, лук-шалот, уксус уонна чеснок туттуллар. Бары тэҥ курдук пропрорцияланан барыта бытарыйыан дылы арыыга буһарыллар. Ол кэнниттэн соус консистенциятыгар тиийэрдии уу, крахмал, саахар уонна уксус эбиллэр.[1]

Аска туттуута[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бу соус эккэ, сибинньэ этигэр уонна куурусса этигэр эбиллэр. Сороҕор вегетерианскай астарга эбиллэр. Барбара Тропп этэринэн, бу амтан Кытай Сычуанын уонна Хунань регионнар амтаннара буолар диир.Ол иһин юйсянь эбиллибит астар ааттарыгар баар буолар.[2] For instance:

  • Yúxiāngròusī (魚香肉絲): Юйсянь эбиллибит сибинньэ этэ[3]
  • Yúxiāngqiézi (魚香茄子): Юйсяннаах баклажаан[4]
  • Yúxiāngniúnǎn (魚香牛腩): Юйсяннаах симэһинигэр буспут ынах этэ

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. 1,0 1,1 Fuchsia Dunlop. Land of Plenty: A Treasury of Authentic Sichuan Cooking. (2003). 395 pag. Халыып:ISBN, Халыып:ISBN
  2. JR Stevens. Szechuan Chinese Cuisine: Spicy and Delicious Recipes of China. (2017). 101 pag. ASIN B074LK4KZP
  3. Schrecker, Ellen (in en). Mrs. Chiang's Szechwan Cookbook. askmar publishing. pp. 137. ISBN 9781935842101. https://books.google.com/books?id=e5rLVM5SknQC&pg=PT137. Retrieved on 3 October 2016. 
  4. Pei-Mei, Fu (in en). Pei-Mei's Chinese Cookbook Volume 1. askmar publishing. pp. 189. ISBN 9781935842040. https://books.google.com/books?id=Q-dlgvTZdtQC&pg=PT189. Retrieved on 3 October 2016. 

Өссө аах[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Халыып:Sichuan cuisine