Эмтээх үүнээйилэр хомууйуу

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эмтээх үүнээйилэри хомуйуу, куурдуу уонна харайыы[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Айылҕаҕа үүнэр эмтээх үүнээйилэри ким баҕарар хомуйуон сөп эрээри, үрдүк хаачыстыбалаах эмтээх сырьену хомуйарга чопчу билии, үөрүйэх, сатабыл, хомуйар, куурдар уонна харайар быраабылалары билиин наада: эмтээх үүнээйилэр хаьан хомуллаллара, ханнык, хайа чааһын, сайдыытын кэмин, хомуйар сиргэ төһө элбэҕин учуоттааһын, сырьену куурдарга бэлэмнээһин, ыраастааһын, харайыы уо.д.а.

Сүрүн ыйыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Эмтээх үүнээйилэри куорат, дьон элбэхтик түөлбэлээн олорон үлэлиир сирдэриттэн, фермалар тастарыттан, улахан суоллар чугастарыттан хомуйуллуо суохтаах.
  2. Үүнээйилэр үөһээҥҥи чаастара (ото, сэбирдэҕэ, сибэккитин дьөрбөтө, отоно уонна сиэмэтэ) ыраас кураан күҥҥэ хомуйуллар. Сир аннынааҕы чаастарын (бөлчүөктэрин, астарын (клубни), силистэрин, силиргэхтэрин, луковицаларын) хайдах баҕарар күҥҥэ хомуйуохха сөп.
  3. Хомуйарга үүнээйиттэн эмкэ туттуллар наадалаах чааһын эрэ быһан ылыахтаах. Өскөтүн ото наада буоллаҕына, сиртэн үүммүт үрдүттэн 1/3 ылыллыахтаах. Холобур, үүнээйи үрдүгэ 60 см буоллаҕына, 20 см кырыйан ылыллар.
  4. Сырье хомуллар кэмэ эмтээх үүнээйини сайдыытын сүһүөх кэмиттэн, күн-дьыл туругуттан тутулуктаах.

Ол курдук:

Бэс мутукчата, сиһик туораҕа - кыһын салгын температурата 0°С кыраадыстан аллараа түспүтүн, сир тоҥмутун кэннэ уонна халлаан ириэриэн иннинэ хомуллуохтаах.

Үнүгэс - хатыҥ уонна бэс киэннэрин саас дыгдайан эрдэхтэринэ, эдэр хойуутук үүммүт мастардаах сирдэртэн (сэдэхситэн, үчүгэйдик үүнэллэрин хааччыйа таарыйа) кураан күҥҥэ ылыллаллар.

Хатырык - мастар, талахтар сүмэһиннэрэ сүүрэр кэмигэр, эмиэ хойуутук үүммүт мастардаах сирдэртэн ылыллаллар.

Сэбирдэх - кыптыыйынан үчүгэйдик үүммүтүн араас өттүттэн, ырааһынан уонна үөнисиэбэтэҕин, ыалдьыбатаҕын ылыллар, уонна чараас гына сиидэтиҥи таҥас (маарыла, чараас сиидэс) мөһөөччүккэ күлүккэ, ардах хоппот, илиппэт сиригэр куурдуллар. Сэбирдэҕи сырье быһыытынан үүнээйи сибэккилэниэн иннинэ хомуйуллуохтаах. Хатыҥ, тэтиҥ, тирэх мас (тополь) сэбирдэхтэрин бэс ыйын маҥнайгы аҥарыгар хомуйуллубута ордук уохтаах эмп буолар.

От - сибэккилэнэн эрдэҕинэ сиэрпэнэн, секатарынан эбэтэр быһаҕынан 1/3 - 1/2 чааһын, улахан эрбэһиннэри сибэккилээх дьөрбөлөрүн, ойоҕос лабааларын бөдөҥ сэбирдэхтэрин кытта хомуйуллар. Хойуутук киэҥ сиринэн тайаан үүммүт буоллахтарына, хотуурунан охсон ылан баран, эмтээх отторун талан, ылҕаан ылыллар. Ити кэннэ сииги туппат халыҥ бөҕө кумааҕыга, таҥаска кутан, тыал үрэр сиэткэлээх долбуурдарга күн көрбөт, сиигирбэт сиригэр куурдуллар.

Сибэкки уонна сибэкки бөлөҕө - эмтээх сырье быһыытынан сибэккилэнэн эрдэҕинэ хомуйуллар. Бутоннары уонна сибэккилэнэн бүтэн эрэллэри үүнээйигэ хаалларыллар.

Отон уонна сиэмэ - ордук үчүгэйдик ситтэхтэринэ, саамай сыаналаах эмтээх сырье буолаллар. Ол иһин кинилэр ситэллэрин көрөн илиинэн эрэ хомуйуллар.

Силис, силиргэх, луковица, төрдүн аһа - үүнээйи үөһээ өттө хатан эрдэҕинэ, сайын бүтүүтэ, күһүн, сороҕор саас үүнээйи үөһээ өттө үүнэрэ саҕалана илигинэ хомуйуллар, ол эрээри бары өттүнэн сыаналаатахха, күһүн хомуллара ордук.

Эфирдээх арыылаах сырьену куурдар сир (боҕуруоскай оту, ыылаах харыйа (пихта) мутукчатын, валериана силистэрин силиргэхтэриниин уо.д.а.) наһаа итии буолуо суохтаах. Гликозидтаах сырьелары (долохонону - бояришнигы, күн сибэккитин отун - адониһы) түргэнник 50°-60° итиигэ куурдуллуохтаах. Аскорбиновай кислоталаах сырьену дөлүһүөнү уо.д.а. 80°-90° итиигэ куурдуллуохтаах.

Туһаныллыбыт сирдэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Анна Петровна Басыгысова ′′Саха сирин эмтээх үүнээйилэрэ′′, Дьокуускай куорат., Бичик, 2004с. ISBN 5-7696-1872-8