Ылыллыбыт иммунодефицит синдрома

Ылыллыбыт иммунодефицит синдрома (ЫИДС) (ааҥл. acquired immunodeficiency syndrome, AIDS) диэн КИВ инфекциятын дьайыытыттан киһиэхэ үөскүүр ыарыы.
- Синдром диэн биир төрүттээх араас симптомнар эбэтэр кыһалҕалар холбоммуттара. Иммун тиһик үлэтин кыайбат буолуутун түмүгэр бу ыарыы киһиэхэ киирэр көрүҥэ, тас көстүүтэ араас буолар.
- Ылыллыбыт - бу тиэрмин иммун систиэмэ бэйэтин итэҕэһиттэн (киһи төрүөҕүттэн-үөскүөҕүттэн) буолбакка, тас төрүөттэн эмсэҕэлээбитин көрдөрөр.
- Иммунодефицит диэн тиэрмин иммунитет итэҕэстээҕин көрдөрөр. Иммун система араас ыарыылары кытта охсуһар дьоҕура намтыыр эбэтэр сүтэр.
Дьон хайдах ыалдьарый?
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
2004 сыллаахха 3 000 000 киһи кэриҥэ дьон ЫИДС-ы кытта сыһыаннаах ыарыылартан өлбүтэ. Онтон 500 тыһыынчата оҕолор этэ. Билигин аан дойдуга 40 мөлүйүөн киһи КИВ-ыарыһах. Ыалдьыбыт дьон баһыйар өттө Африкаҕа олорор, оҕолорго ЫИДС-тан өлүү улахан аҥара эмиэ Африкаҕа тахсар.
Сыстыбыт киһи ыарыытын туһунан билбэккэ уһуннук сылдьыан сөп, ол иһин ыарыһах чопчу ахсаанын этэр сатаммат.
КИВ ханна саҕаламмыта
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Билимдьиттэр этэллэринэн ыарыы бастаан Африкаҕа саҕаламмыта. Бастаан шимпанзе мэйминнэргэ үөскээбит, онтон дьоҥҥо бэриллибит диэн сабаҕалааһын (гипотеза) баар.
КИВ уонна ЫИДС
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]КИВ-таах киһи ЫИДС ыарыһах буолумуон сөп. Хас да сыл туга да биллибэккэ олоруохтарын сөп. ЫИДС диэн быһаарыллыбыт киһи ханнык эрэ ыарыы баара биллэр буолар. Билигин КИВ/ЫИДС-ы суох оҥорор эмп суох эрээри синдрому кыччатар эмптэр бааллар.
Ким эмит КИВ-таах буоллаҕына КИВ-позитив диэн ааҕыллар.
ЫИДСы быһаарар ыарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Киһи ЫИДС-ы быһаарар ыарыылаах диэн быһаарыллыбыт буоллаҕына ураты ыарыылардаах буолаллар, тоҕо диэн чэгиэн киһи иммуннай системата оннук ыарыылары кытта ситиһиилээхтик охсуһар.
Оннук ЫИДС-ы быһаарар ыарыылар:
- Капоши саркомата - рак уратыта, киһи тириитин баһаарар, сороҕор атын органнарга эмиэ тиийиэн сөп.
- Цитамегаловирустаах ринит - киһи хараҕын кэннигэр үөскүүр вирус ыарыыта.
- Пневмоцистаах пневмония - пневмония арааһа, бу ыарыы ордук тарҕаммыт.
- Токсоплазмоз - киһи мэйиитигэр уонна атын органнарыгар тиийэр паразит
Саха
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Саха Сиригэр бастакы КИВ сыстыганнаах киһи 1996 сыллаахха биллибитэ. Онтон ыла бүтүннүүтэ 3507 КИВ сыстыыта буолбута биллэр 2025 сыл туругунан. 2024 сылга 1100 КИВтаах киһи диспансерга регистрациялаах. Саха Сирин КИВ сыстыытын бүтүн ахсааныттан 88% Дьокуускай куоракка, Мирнэй, Нүөрүҥгүрү, Ленскэй, Алдан улуустарыгар буолбут.
Тас сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- World Health Organizations 3 by 5 Initiative
- Médecins Sans Frontières: Campaign for Access to Essential Medicines Архыыптаммыт 2005, Атырдьах ыйын 12 күнүгэр.
- WHO HIV/AIDS Programme
- AIDS Education Global Information System
- From the US National Institutes of Health Архыыптаммыт 2021, Кулун тутар 22 күнүгэр.
- New England Journal of Medicine Article "Patents versus Patients? Antiretroviral Therapy in India" Архыыптаммыт 2009, Ыам ыйын 1 күнүгэр.
- AIDSPortal knowledge network
- Piedmont Care
- AIDS portal Архыыптаммыт 2010, Тохсунньу 19 күнүгэр.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ^ "Survey shows intervention crucial to halt HIV in youth." AIDS Policy Law. 2005 Mar 11;20(5):4.
- ^ "Sexual possibility situations and sexual behaviors among young adolescents: the moderating role of protective factors." J Adolesc Health. 2004 Dec;35(6):528.e11-20.
- ^ "Update: syringe exchange programs--United States, 2002." Morb Mortal Wkly Rep. 2005 Jul 15;54(27):673-6. MMWR is published by the Centers for Disease Control.