Шараборин Софрон Афанасьевич

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Шараборин Софрон Афанасьевич (1884-1952) - 1912 сыллааҕы Сахалар сийиэстэрин кыттыылааҕа.

Өлүөхүмэ уокуругун I Нөөрүктээйи нэһилиэгэр төрөөбүт, дьоно Кыыллаахтан төрүттээхтэр эбит. Родовой упрааваҕа суруксуттаабыт.

1928 сыллаахха Павел Ксенофонтов өрө туруутугар кыттыста диэн үс сылга Турухаан кыраайыгар көскө ыытыллыбыт.

Көстөн төннөн кэлэн баран биир дойдулааҕа А. Бахсыров көмөтүнэн Уус Куутка хас да сыл "Холбос" ситимигэр үлэлээбит. Онтон "Краснай Якутия" санаторийга, онтон минздраавка булгаахтырдаабыт.

1952 сыллаахха өлбүт.