Хачыгыр (Эрилик Эристиин)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хачыгыр — Эрилик Эристиин өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха дьадаҥы ыалын ыар олоҕун көрдөрөр айымньыта.

Айымньы ис хоһооно[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Хачыгыр диэн уол оҕо дьонунаан Кыбыттар алааска олороллор. Кини Чооруос диэн бырааттаах. Ийэлээх аҕата быстар дьадаҥы ыаллар. Биир баар суох ынахтара «эбэ» ыарыыга ыалдьан өлөн, айахтарын ииттинэр кыахтара суох буолан кинилэр кумалааҥҥа ыал устун бараллар. Хачыгыр Бачыгыратар Баһылай диэн баайга түбэһэр. Бачыгыратар баай Хачыгыры сордуур-муҥнуур, түмүгэр кырбаан өлөрөр. Сэмэттэн-суҥхаттан куотунаары оҕо өлүгүн оҕус анныгар бырахтарар.

Ырытыы[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Саха дьадаҥы ыал оҕотун кыһалҕалаах олоҕун көрдөрөр. Баай баттабылын эт хаанынан билбит Хачыгыр эрэйдээх-муҥнаах олоҕо арылхайдык арыллар. Олох кэрэтин билбэккэ оҕо сааһыгар суорума суолламмыт Хачыгыр олоҕо ааҕааччыны уйадытар, толкуйдатар, билиҥҥи олоҕу кытта дьүөрэлээн көрүүгэ угуйар.