Харабаев Иван Егорович (Муос Хараабай)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Харабаев Иван Егорович (Муос Хараабай) — Саха сиригэр Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кыһыл.

1897 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар III Үөдүгэй нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэнтэн төрөөбутэ. 1918 сыллаахха Бүлүү куоратыгар милиционер. Снитко этэрээтин бастыҥ саллаата. Кини Павлов Федор Федоровиһы (Болтуону) кытта Үөһээ Бүлүүтгэн Булуү уокуругунааҕы байыаннай штабка 1922 сыллаахха өрүс мууһа уста турдаҕына мууһу кытта, арбадынан хаххаланан, айаннаан улахан суолталаах тыллабыры киллэрбитэ. Итини И. Я. Строд бэйэтин «Тайҕаҕа» диэн кинигэтигэр дьиҥнээх героизм быһыытынан сыаналаабыта. Кини холобура суох хорсун, куттанар диэни билбэтэх сэрииһит[1].

Дүллүкү нэһилиэгэр пенсияҕа олорон өлбүтэ.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Үөһээ Бүлүү 1917-1967. Үөһээ Бүлүүтээҕи оройуон типографията, 1968