Иһинээҕитигэр көс

Харабаан

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Харабаан кумах куйаарыгар

Харабаан диэн бииргэ түмсэн айанныыр дьон бөлөҕө. Суол ыарахаттарын кутталларын бииргэ түмсэн харабааннаан ааһар ордук. Харабаанньыттар үксүгэр эргиэмсик буолаллар. Харабаан таһаҕастарын ындыы харамайдарга тиэйэллэр: тэбиэн, сылгы, эһэх, хачыр. Харабаан сынньанар сирэ харабаан сарай. Торҕо суола аатырбыт былыргы харабаан суола буолар.