Хайа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Дамаванд хайа, Иран

Хайа диэн киэҥ өйдобүлэ Сир ньуурун көрүҥэ, туhааннаах иэҥҥэ аттынааҕы сир ньууруттан үрдүк баар уонна чыпчааллаах. Уустук өйдөбүллэрэ: 1) үрдүк буор эбэтэр таас арҕас; 2) очуос таас, турук таас; 3) сис таас; 4) үрдүк туруору эниэ.

Хайалар Азия иэнин 64%, Хоту Америка 36%, Эуропа 25%, Соҕуруу Америка 22%, Аустралия 17% уонна Африка 3%. Cир бүтүн ньуурун 24% хайалаах сирдэр, дьон 10% хайалаах сирдэргэ олорор. Аан дойду үгүс өрүстэрин бастара хайаларга бааллар.

Т.к.: кая, гая, хая (түүр.) — таас хайа, очуос; кая (турок., болг.), коя (узб.) — таас хая; кая (перс, түүр. киирии) — таас хайа, очуос, хайа эниэтэ, томтор.

Ылыллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

География Якутии: учеб. для 9-го кл. сред. шк./ И. И. Жирков [и др.]. — Якутск: «Бичик», 2004. — 300, [1] с.: ил, карты; 20 см. — ISBN 5-7696-1049-2