Иһинээҕитигэр көс

Фредди Меркүри

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Фредди Меркүри

Төрөөбүтэ 1946 балаҕан ыйын 5
Стоун Таун, Занзибар
Өлбүтэ 1991 сэтинньи 24
Лондон, Англия
Идэтэ ырыаһыт, ырыа суруйааччы
Үлэтин сыллара 1969-1991

Фредди Меркүри (Freddie Mercury), төрөөбүт аата Фаррух Булсара (Farrokh Bulsara), Англия ырыаһыта, композитор, ырыа суруйааччы. Queen рок бөлөх лидера. Аан дойду биир чулуу ырыаһыта буолар.

1946 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр Занзибарга Ииндийэттээн төрүттээх парс омук дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1964 сыллаахха дьонунаан Англияҕа көспүтэ. 1970 сыллаахха Брайан Мэйдыын уонна Роджер Тейлордыын түмсэн Queen рок бөлөҕү тэрийбиттэрэ. Меркүри Queen үгүс аатырбыт хиттарын суруйбута, олор ахсаннарыгар «Bohemian Rhapsody», «Killer Queen», «Seven Seas of Rhye», «Somebody to Love», «We Are the Champions», «Don’t Stop Me Now», «Crazy Little Thing Called Love». ЫИДС ыарыыга хаптаран 1991 сыллаахха 45 сааһыгар өлбүтэ.