Фиин тыла
| Фиин тыла suomi, suomen kieli | ||
|---|---|---|
| Кэпсэтэллэр : | Финляндия, Сибиэссийэ | |
| Регион: | Фииннэр | |
| Бары кэпсэтээччилэр: | 5 мөл. | |
| Тыл ууhа: | Урал Финн тыллара Фиин тыла | |
| Суруга: | Латыынскай (Фиин алпабыыта) | |
| Ил суолталаах | ||
| Ил статустаах: | ||
| Салайыллар: | no official regulation | |
| Тыл кодтара | ||
| ISO 639-1: | fi | |
| ISO 639-2: | fin | |
| ISO 639-3: | fin | |
| Note: This page may contain IPA phonetic symbols in Unicode. | ||
Фиин тыла (бэйэлэр ааттара — suomi, suomen kieli) диэн фииннэр тыллара уонна Финляндия сорумдьу тыла. Фиин-угор тылларга киирсэр. Фиин тылыгар карел, эстон тыллар ордук чугас буолаллар. Сурук-бичик — латыын.
Фиин тылын 5 413 380 киһи туттар. Дьобуруопа Сойууһунан билиммит тыла.
Устуоруйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Фиин тыла балт-фиин тыллартан үөскээбит диэн ааҕыллар, онтон балт-фиин тыллар балт-фиин тылтан үөскээбитэ[1]. Балт-фиин тыллар үс бөлөххө арахсар этэ: хотугу, соҕуруу уонна илин. Онтон I үйэ диэки балт-фиин тыллар арахсыбыттара. Карел, ижор уонна вепс тыллар илин бөлөххө киирбиттэрэ. Эстон тыла соҕуруу бөлөххө киирбитэ. Фиин тыла соҕуруу бөлөххө киирбитэ[2].
Фиин тылын устуоруйатыгар маннык кэмнэргэ араараллар[3]:
- Эрдэтээҥҥи, суруга-бичигэ суох (XVI үйэ иннинэ);
- Былыргы фиин (1540 — 1820 сс.);
- Эрдэтээҥҥи саҥа фиин тыла (1820 — 1870 сс.);
- Билиҥҥи фиин тыла (1870 — билигин).
Сурук-бичик
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Фиин сурук-бичигэ латыын алпабыытыгар тутуллубута уонна эбии кэтиллибит латыын алпабыытыттан ылыллыбыт ö [ө] уонна ä [ао]. Ылыллыбыт тыллар элбэхтэрин салтаан, элбэх фиин тылыгар туттуллубат дорҕооннору киирэллэр: b [б], f [ф], š [ш], z [з] уонна ž [ж]. Элбэхтэ ылыллыбыт тыллар ылыллыбыт туругунан хаалаллар, ол иһин фиин тылыгар бу буукубалар киирэллэр: c [к эбэтэр ц], q [кьү], w [в], x [икс] уонна å [o].
Билиҥҥи фиин алпабыыта[4]:
| A a | B в | C c | D d | E e | F f | G g | H h |
| I i | J j | K k | L l | M m | N n | O o | P p |
| Q q | R r | S s | (Š š) | T t | U u | V v | W w |
| X x | Y y | Z z | (Ž ž) | Å å | Ä ä | Ö ö |
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Korhonen, Mikko 1981: Johdatus lapin kielen historiaan. Suomalaisen kirjallisuuden seuran toimituksia ; 370. Helsinki, 1981
- ↑ Aikio, A. (2006). On Germanic-Saami contacts and Saami prehistory. Journal de la Société Finno-Ougrienne 91: 9-55.
- ↑ ФИНСКИЙ ЯЗЫК — (Языки мира: Уральские языки. - М., 1993. - С. 90-115).
- ↑ Finnish (suomi)
| Бу аан дойду тылларыттан биирдэстэригэр туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
