Иһинээҕитигэр көс

Торҕо суола

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Торҕо суолун сүрүн хайысхалара

Торҕо суола диэн былыр Кытай уонна Сир ортотунааҕы байҕал дойдуларын ыккардыларыгар барар харабаан суолларын ситимэ. Киэҥник ылан эттэххэ Антик кэмнэртэн Орто үйэлэр бүтүөхтэригэр диэри Илин-Арҕаа дойдуларын холбуур эргиэн хайысхалара. Торҕо суолунан атыыланар табаардар: торҕо, сатин, күндү таастар (көмүс, алмаас, рубин), чөмчүүк, фарфор, кумааҕы, дар, сэлии муоһа, сылгы, тэбиэн, чэй, тумалар, астаах үүнээйилэр. Табаартан ураты торҕо суолунан дьон санаалара, технологиялара, итэҕэллэрэ тарҕаналлара. Харабааннары кытта араас дьаҥнар эмиэ тарҕаналлара. Олортон ордук аатырбыт чумаа хамсыктара.