Суола (үрэх)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Суола - Өлүөнэҕэ уҥа өртүттэн түһэр үрэх. Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар.

Устата 224 км. Тардыытын иэнэ 5400 кв.км. Алтынньыттан ыам ыйыгар дылы тоҥ.

Уҥа өртүттэн Куоллара (67 км.) уонна Тиэрэ (94 км.) үрэхтэр түһэллэр. Тардыытыгар эмптээх бадарааннаах Абалаах күөл баар.

1990 сыллардаахха Өлүөнэттэн Бүтэйдээххэ диэри уу ситимэ уонна Бэдьимэҕэ быһыт тутуллубуттара.

Сайын өртүгэр уутун улахан аҥара Өлүөнэ уута.

Ылыллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Якутская АССР, словарь-справочник, Якутск, 1980 г.