Соловьевтар (Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэ)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Соловьевтар - Төрүт сирдэрэ Холгума Араҥас алааһа. Холгума Соловьевтара баай төрүттээхтэр. Мэхээлэ Солобуйуоптаах Дьөгүөр, Сааба, Ыстапаан диэн үс уолу, Малаанньа диэн кыыһы төрөтөн улаатыннарбыттар. Абаҕаларын уола Байбалы ииппиттэр. Үөрэхтээхтэрэ кыра уол Степан Михайлович Соловьев Бүтэйдээх 7 кылаастаах оскуолатын уонна рабфагы бүтэрбитэ.

Соловьев-Араҥас диэн суруйар аатынан биллибит эрдэтээни бэйиэт. "Көрдөөх кэмнэр" диэн кинигэлээх. "Эдэр бассабыык" хаһыакка, араадьыйаҕа үлэлээбитэ. Сэрии саҕаланыытыгар сэлликтээн өлбүт. Убайдара Дьөгүөрдээх Сааба сэриигэ баран эргиллибэтэхтэр. Саха театрыгар артыысканан үлэлипр Малаанньа уОайдара оҕолорун иитиһэ дойдутугар тахсар. Сотору кэргэн тахсан Уус-Алданныыр. Эдьиийдэрэ эргэ барбытын кэннэ Дьөгүөр огдообото кыргытгарын илдьэ ийэтигэр Даарыйа Барабановаҕа Бүтэйдээххэ көһөн кэлэр.

Кэлин кэргэнэ олбүт Малаанньа, ииппит уоллара Байбал, Сааба уола Ньукулай бары манна олохсуйбуттара. Билигин Дьөгүөр кыргыттара Биэрэлээх, Суура кэккэлэһэ кэриэтэ олороллор, элбэх ыччаттардаахтар. Малаанньа сэрииттэн Гфронговик Степан Чабыкиҥҥа кэргэн тахсан икки уолу хаалларбыта. Сааба 1 ^0 быраас буолбута. Н.С.Соловьев Бүтэйдээх балыыһатыгар быраастаабыта.

Икки кыыһа эмиэ эмчиттэр. Кэргэнэ Федора Никифоровна, соҕотох уола Савва уонна кыыһа Саня Бүтэйдээххэ бааллар. Иитиллибит уол Павел Михайлович Соловьев (1899 с.) Наахара церковнай-приходской оскуолатын б\тэрбитэ. Төрөөбүг нэһилиэгэр ревкомҥа бэрэссэдээтэллээбит, сэбиэтгээбит. Иккис кэргэнэ Борисова боккуойа. Күтүөт киһи Бүтэйдээххэ олохсуйбута. Маҕаһыын атыыһыта, балыыһа завхоһа. Үлэ фронугар Тиксиигэ биир дойдулаахтарын отделениетын салайбыта. «Коммунизм суола" колхозка үлэлээбитэ. Маҥнайгы кэргэнитгэн икки, иккис ергэниттэн эмиэ икки уоллаах. Оҕонньор 70 сааһыгар куоракка олорон өлбүтэ. Онон Холгуматтан хааннаах Соловьевтар сыдьааннарын Бүгэйдээххэ элЬэҕи көрсүөххэ сөп.

Дойдум дьоһун дьоно" кинигэттэн[1].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Нэһилиэгим нэһилиэстибэтэ. Родионов К.К., Көмүөл, Дь., 2010