Перри Мэтью Кэлбрейт
Тас көрүҥэ
Перри Мэтью Кэлбрейт (Matthew Calbraith Perry) (1794, муус устар 10 – 1858, кулун тутар 4) — АХШ адмираала, дипломат.
1854 с. Мэтью Перри хамаандалаах байыаннай эскадра "хара хараабыллара" Япония Хакодате куоратын хомотугар тохтообуттар, "ыалдьыттааһын" түмүгэр Япония уонна АХШ ыккардыларыгар сөбүлэҥнэр түһэрсиллибиттэр, бу кэнниттэн дойдуга "Эдо кэмэ" түмүктэнэн, Япония аан дойдуга аһыллан барбыта.
Муус устар 10 күнүгэр АХШ-ка Перри күнэ бэлиэтэнэр.