Иһинээҕитигэр көс

Оҕону атаахтатыы

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьылҕа диэн буор кут туругун быһаарыыттан үөскүүр инникини билгэлээһин, дьылы хайдах туорааһыны быһаара сатааһын ааттанар. Сахалар үөрэхтэринэн дьыл диэн кыһыны, сыл саамай ыарахан, ыар кэмин ааттанар уонна дьылы туорааһын сылы тахсыыга тэҥнэһэр. Дьылҕа оҕо кыра эрдэҕинэ суруллар диэн этиллэр.

Биһиги бу этиини быһаарыыны “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн үлэбитигэр саҕалаабыппыт. Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кута хайдах иитиллибитэ кини дьылҕатын, ол аата олоҕун хайдах быһыылаахтык олоруохтааҕын чахчы быһаарар. (1,27).

Сахалар “Атаах оҕо өйө-санаата түктэри” диэн этэллэр. Оҕо атаахтык, бэйэтин көҥүлүнэн иитиллиититтэн, тулуура суоҕуттан кыра долгуйуутун аайы өйө баайыллан иһиэн сөп. Тугу эмэ маҕаһыынтан ыллараары сарылыы-сарылыы ытыыр, ким да этэрин истибэккэ ытыырын тохтоппот оҕо, бу кэмҥэ өйө баайыллан ыларын биллэрэр.

Ийэтин сайыһан тохтообокко ытыыр оҕо бэйэтин тохтотунар күүһэ үөскээбэтэҕин, тулуура сайдыбатаҕын биллэрэр. Оҕо атаахтаан, бары баҕатын тук курдук толотторон улаатыыта тулуйар, тохтотунар күүһэ букатын да үөскээбэтигэр тириэрдэн кэбиһэр.  

Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн аһара атаахтык иитиллэллэрэ билигин элбээн иһэр. Оҕо улаатан истэҕинэ киниттэн эрэйиллэр көрдөбүл улаатыытын, кытаатан иһиитин букатын тулуйбаккалар дьиэлэриттэн, төрөөппүттэриттэн куота, бара сатыыллара элбээбитэ биллэр. 2017 сыллаахха Россияҕа 8 тыһыынча саастарын ситэ илик уонна кыра оҕолор сүппүттэрин көрдөөбүттэр. МВД даннайынан сылга 45 ты-һыынча оҕолор сүтэллэр эбит. (2,17).

Саҥа соппуоска ылбатыгыт диэн төрөппүттэрин буруйдаабытыттан өйө баайыллан балконтан ыстанан кэбиһэргэ атаах оҕо тиийэрэ биллэр. Бу оҕо бэйэтин олоҕун соппуоскаттан ордук сыаналаабатын таһынан, өлөрүнэн төрөппүттэрин куттуу сатыыра быһаарыллар. Биир оҕолоох ыалга “Тоҕо төрөппүккүтүй?” диэн ыйытык үөскээн тахсара чахчы ыарахан боппуруос эрээри, оҕону кыра эрдэҕиттэн атаахтаппакка ииттэххэ, батыһыннара сылдьан үлэҕэ, тугу эмэ туһалааҕы оҥотторо үөрэттэххэ быһаарыллар кыахтааҕын төрөппүттэр эрдэттэн билэллэрэ уонна Кут-сүр үөрэҕин туһаналлара эрэйиллэр.

Атаах оҕо итирдэҕинэ салгын кута көтөн ийэ кутун салайыытыгар киирдэҕинэ атаахтыыр, мааныланар санаата улаатарын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ. Алҕаска итирэн хаалбыт атаахтык иитиллибит эдэр киһини мөҕүү, куһаҕаннык этии утарылаһыыны таһааран, абааһы көрүү улаатыытыгар тириэрдэрэ уустуктары үөскэтэр. Киһи итирэн, өйө көтөн сырыттаҕына эйэлээх, сөбүлэһэр сыһыан сыыһа-халты туттунууну үөскэппэтин туһаныы эрэйиллэр. (3,65).

“Атаах оҕо арыгыһыт буолар” диэн туттулла сылдьар өс хоһооно сахаларга баар. Оҕону кыра эрдэҕинэ аһара маанылаан, атаахтатан кэбиһэннэр, тулуура, туттунар күүһэ суох буоларын үөскэтэннэр арыгыһыт буоларга дьылҕатын төрөппүттэрэ бэйэлэрэ оҥорон кэбиһэллэр. Амырыын, кытаанах дьылҕа буолбатах дуо?

Хайа да төрөппүт баар-суох мааны оҕотун итинник ыар дьылҕалыа суоҕун сөп. Оҕо кыра эрдэҕинэ олус үчүгэйэ, чыычаах курдук саҥаран барыны-бары көрдөөн иһэрэ кыахтаах эрэ буоллахха киһи барыта булан аҕалан биэрэн иһиэн сөп курдугу үөскэтэрэ төрөппүттэри албыҥҥа киллэрэр. Төрөппүт Кут-сүр үөрэҕин көрдөбүллэрин билэрэ уонна олоҕор, оҕотун иитиитигэр тутуһара эрэ бу, кыра оҕо албыныгар киирэн биэрэрин суох оҥоруон сөп.

Кыра эрдэҕинэ атаахтатан, бары баҕатын тук курдук толорон, маанылаан, эн эрэ бааргын диэн киһиргэтэн, көҥүлүнэн ыытан улаатыннардахха оҕо атаах буолар, бэйэмсэҕэ, “Мин эрэ” диэн санаата аһара улаатара атыттары аннынан саныырыгар тириэрдэр. Оҕолоро арыгыһыт буоларын уонна бэлэмнэригэр олоро үөрэнэрин төрөппүттэр бэйэлэрэ төрүттүүллэр, оҥкулун оҥорон биэрэллэр.

Оҕону кыра эрдэҕинэ бас-баттах быһыыланарга, бэйэтин сатаан туттумматыгар ииттэххэ улаатан баран быстах быһыыга түбэһиэн сөптөөх киһиэхэ кубулуйар. “Муоһа, туйаҕа туллубут” диэн өс хоһооно атаах оҕо туохха барытыгар урутаан түһэн иһэр майгына элбэ-ҕиттэн бэйэтэ үгүстүк кэһэйэрин уонна ол кэһэйбититтэн олох үөрэҕин ылынан оҥорор быһыытын тупсарарын биллэрэр.

Атаах оҕо өйө-санаата туруга суоҕуттан, тулуура тиийбэтиттэн өйө баайыллара бэрт кыраттан сылтанан саҕаланан боруок көрдөөн барыан сөп. Ханнык эрэ кыра сөбүлэспэт буолууттан саҕаланан аһара барыыта, сыыһа-халты туттунара тиийэн кэлиэн сөп.

Сахалар олохторун үөрэҕэр көрсүө, сэмэй буолуу туһунан элбэхтик этиллэр. Олоҕу олорууга көрсүө, сэмэй киһи үлэни кыайа-хото үлэлиириттэн, дьону кытта тапсарыттан, сыыһа-халты туттубатыттан улаханнык барыһырар уонна уһун үйэни ситиһэр кыахтанар.

Ыал буолан олоҕу олорууга көрсүө, сэмэй киһи кыаҕа толору арыллар. Ыал олоҕун уустуктарын, ыарахан үлэлээх кэмнэрин көрсүө, сэмэй киһи эрэллээхтик тулуйар кыахтанар. Оҕону көрүүнү-истиини, үлэҕэ үөрэтиини бэйэлэрин үтүгүннэрэн үөрэтэллэриттэн көрсүө, сэмэй дьон ордук табан оҥороллор. Оҕо көрөр кэмигэр дьиэ иһинээҕи үлэлэри үлэлии сылдьар дьахтар оҕотун туһа киһитэ оҥорон, көмө-лөһүннэрэн үлэҕэ үөрэтэрэ ордук табыллар. Олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах көрсүө, сэмэй, кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ үөрэммит оҕо улаатан олоххо сыалын ситиһэр киһи буолара кыаллар.

Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ киһи үс куттара үөскээһиннэрин чуолкайдык быһаарарынан оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ туһата олус улаатар. Саха тыла оҕо өйө-санаата туруктаахтык сайдыытыгар ылар оруолун таба туһаннахха оҕолор киһилии майгылаах, быһыылаах буола улааталлара кыаллыан сөп.

Ыаллар оҕону кыра эрдэҕинэ иитиигэ, ийэ кутун үөскэтиигэ улахан оруолу ууруохтара этэ. Атаах буола улаатан хаалбыт оҕо үлэни-хамнаһы кыайбатыттан уонна тулуура суох буола улаатарыттан  сыыһа-халты туттунара элбэҕиттэн аймахтары эһиэн сөбүн “Эстэр ыал сүөһүтэ харсыһыылаах” диэн өс хоһооно биллэрэр.

Оҕо иитиитигэр төрөппүттэр ылар оруоллара манныктар:

1. Ийэ оҕону кыра эрдэҕиттэн көрөр-истэр, аһатар. Оҕо кыра, кыаммат эрдэҕиттэн көрөрүттэн-истэриттэн харыстыыр, көмүскүүр санаата аһара улаатар. Бэйэтэ үлэлиир, оҥорор үлэлэриттэн атын, ыарахан дии саныыр үлэлэрин үлэлииргэ үөрэтэр кыаҕа суох буолар. Аҥардас ийэ уол оҕону атаахтатар кыаҕа аһара улаатан хаалар. Сахалыы Кут-сүр үөрэҕин билэр, кытаанахтык тутуһар эрэ ийэ уол оҕону киһи буолууну ситиһиннэрэр кыахтанар.

2. Аҕа элбэхтик таһырдьа үлэлииринэн оҕотун бэйэтин кытта илдьэ сылдьан араас үлэни үлэлииргэ үөрэтэр, тулуурун улаатыннарар кыахтаах. Үлэ сэрэхтээх буолууга көрдөбүлэ улаханыттан уонна хал-баҥнаабатынан үлэлиир киһини атаахтаппат, сыыһа-халты тутуннар-бат, атыннык оҥоро сатыыры көҥүллээбэт. Үлэҕэ үөрэтэр аҕа көрсүө, сэмэй буолууга иитэр, үөрэтэр күүһэ улаатар.

Оҕо атаах буола улааппатын туһугар аҕа ылар оруола ийэттэн ордук улаханын дьахталлар билиэхтэрэ этэ. Оҕолорун туһугар ордук  кыһанар дьахталлар бэйэлэрин быстах санааларын быраҕан оҕо аҕатын кытта төһө кыалларынан биир тылы булунан оҕолоро киһилии быһыылаах буола улаатарын ситиһиэхтэрэ этэ.

Оҕо хайдах киһи буола улаатарыгар аҕатын аҕа диэн ааттаан ыҥыра үөрэнэрэ олус улахан суолталаах. Аҕатын аҕа диэн ааттаан ыҥырар оҕо атаах буола улаатара биллэрдик аҕыйыыр, оҥорор быһыыларыгар улахан суолтаны биэрэргэ үөрэнэр кыахтанар.

Аҕа диэн тыл кытаанах дьайыылаах. Аҕа диэн тылы оҕо өр кэмҥэ эрэйдэнэн саҥарарга үөрэнэр. Бу тыл дорҕоонноро уустук, ол иһин ирдиир көрдөбүлэ үрдээн тахсар. Араастаан ньааҕынаан, ньаамырҕаан саҥарарга сөп түбэспэтэ, оҕону атаахтатыыны аҕыйатар.

Аҕа диэн тыл оҕону эппиэтинэстээх, эппит тылы толорорго, тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтэр күүһэ улахан. Аҕаа диэн ааттаан аҕатын ыҥыра үөрэммит оҕо атаахтыыра аҕыйыыр уонна үлэҕэ үтүктэн үөрэнэр кыаҕа улаатар. Бу тыл саҥарыллара уратылааҕынан, уустугунан оҕо мээнэ ньааҕыныы, ньаамырҕыы, атаахтыы, ону-маны көрдүү сылдьыбатыгар тириэрдэр.

Аҕа диэн тыл төрөппүтү тэҥэ, сааһынан аҕаны, уопута элбэҕи биллэрэрэ үлэҕэ үөрэтиигэ улахан суолталаах. Уол оҕо бэйэтин баһыйар, элбэх уопуттаах киһини батыһан, үтүктэн үөрэнэрин сөбүлүүрүттэн үлэҕэ баҕатынан үөрэнэрэ туһатын улаатыннарар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыыны тутуһан дьон бары оҕолорун атаахтатыы диэки халый-быттара, кыра эрдэхтэринэ хайдах атаахтаабыттарынан кэпсэнэллэрэ, киэн тутталлара. Оҕо иитиитигэр аһара атаахтатыы диэн кини бэйэм-сэх санаатын аһара улаатыннаран кэбиһэн үлэни үлэлээн сайдыыны аҕалар кэскилин сарбыйарын төрөппүттэр билиэхтэрэ этэ.

Оҕону атаахтаппат туһугар бэйэни батыһыннара сылдьан, тугу, хайдах оҥорору көрдөрөн биэрэн, туһа киһитэ оҥорон үлэҕэ үөрэтии, аһылыгын улаатан истэҕинэ улахан дьону кытта тэҥҥэ аһатыы туттуллара ордук. Тугу эмэ көрдөөтөҕүнэ кэтэһиннэрэн, бэйэтин баҕа санаатын үөскэтэн баран биэриэххэ, саҥа таҥаһы таҥыннардахха киһиргэтимиэххэ, хаһан да бэйэттэн ордук, маанылаан көрүмүөххэ. Бу быһаарыылары иллэҥнэрэ аҕыйах, элбэх оҕолоох үлэһит ыаллар тутуһа сылдьалларыттан оҕолорун атаахтаппакка иитэннэр, үлэҕэ үөрэтэннэр аймахтары, омугу сайыннараллар.

Үлэни кыайыылаахтык үлэлээһини атааҕа суох эрэ киһи кыайар кыахтанарын билэбит. Үлэ ыарахан, эрэйдээх, киһи баҕатын курдук табыллан биэрэн испэт уустуктардаах. Үлэни кыра эрдэхтэриттэн үлэлии үөрэммит, көрсүө, сэмэй майгылаах, ураты тулуурдаах дьон эрэ кыайа-хото үлэлээн туһалаахха тириэрдэн барыһы киллэрэр кыахтаналлар. Үлэни кыайа-хото үлэлээһин, тулуурдаах буолуу, олоххо көрсөр ыараханнары тулуйуу “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун тутуһар сайдыылаах буор куттаах саха дьонун олохторугар ситиһэ сатыыр сыаллара буолар.

Омугу кыайыылаах үлэ эрэ сайыннарарын билэн төрөппүттэр оҕону үлэни үлэлииргэ иитиини, үөрэтиини кыра эрдэҕиттэн туһа киһитэ оҥорон саҕалаан баран, салҕаан иһиэхтэрэ этэ. (4,52).

Туһаныллыбыт литература.

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. –  128 с.

2. “Якутск вечерний” газета. 20.07.2018.

3. Каженкин И.И. Өй көтүүтэ. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2018. – 152 с.

4. Каженкин И.И. Өй баайыллыыта.- Дьокуускай: Ситис, 2025. – 104 с.

Категорияларынан көрдөөһүн: Өй-санаа.