Назаров Гаврил Николаевич-Халыҥ Хабырыыс

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Назаров Гаврил Николаевич-Халыҥ Хабырыыс — саха бастакы тырахтарыыстарыттан биирдэстэрэ.

1899 с. төрөөбүт. 1929 с. Дьокуускайга аан маҥнай аһыллыбыт трактористар курстарын бүтэрбитэ. 1930 с. Нам оройуонугар республика бастакы тракторист-механизатордарын Молоковы, Эстернеһи кытта үлэлээбитэ.

1932—1936 сс. Мэҥэ-Хаҥаласка Доллу нэһилиэгэр «Сирдиир тэрээһин» колхозка тракторист, дизелист. 1937—1946 сс. Майаҕа МТС механик этэ. 1947 с. I Тыыллыма сэбиэтин солбуйаччы председатель.

Молотов аатынан колхозка бастакы механик, механизатор буолбута.

1948 с. Лоомтукаҕа электроуот киллэрбитэ.

1947—1956 сс. электростанция машиниһа. Нэһилиэк бастакы механизатора.