Лаптевтар байҕаллара
Тас көрүҥэ
(Мантан: Лаптевтар муоралара көстө)
Координаталара: 76° с. ш. 125° в. д. / 76° с. ш. 125° в. д. (G) (O)
| Лаптевтар байҕаллара | |
|---|---|
| Сүрүн характеристика | |
| Иэн | 672 тыһ. км² |
| Сабардам | 363 тыһ. км³ |
| Кытыл уһуна | 1,3 тыһ. км |
| Ордук улахан дириҥэ | 3385 м |
| Орто дириҥэ | 540 м |
| Миэстэтэ | |
| Далайа | Хотугу Муустаах далай |
| Дойду | |
Лаптевтар байҕаллара диэн Хоту океан кытыы байҕала. Таймыыр тумул арыы уонна Хоту Сир арыылар арҕаа өртүнэн, Саҥа Сибиир арыылара илин өртүнэн. Иэнэ 662 000 км². Орто дьириҥэ 50 м. кэриҥэ, саамай дьириҥ сирэ 3385 м. Бөдөҥ хомолор: Хатанга хомото, Өлөөн хомото, Фаддей хомото, Мария Прончищева хомото, Буор Хайа хомо. Байҕал арҕаа өртүгэр элбэх арыылардаах. Байҕалга түһэр өрүстэр: Хатанга, Анаабыр, Өлөөн, Өлүөнэ, Дьааҥы. Сыл улахан аҕара уута тоҥ. Сүрүн муора порда — Тиксии.
Байҕал Лаптев Д.Я. уонна Лаптев Х.П. ааттарынан ааттаммыт, маҥнайгы аата Норденшельд байҕала диэн этэ.
Ылыллыбыт сирэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Словарь современных географических названий,
- Якутская АССР, словарь - справочник, Якутск, 1980 г.