Иһинээҕитигэр көс

Лаборатория кыылларын көмүскүүр аан дойдутааҕы күн

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Лаборатория кыылларын көмүскүүр аан дойдутааҕы күн (ааҥл. World Day for Laboratory Animals) — сылын ахсын муус устар 24 күнүгэр уопут оҥорорго туттуллар кыыллар дьылҕаларыгар болҕомто тардаары бэлиэтэнэр.

1979 сыллаахтан Хью Даудинг төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр. Бу барон титуллаах авиация маршала Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Британия байыаннай авиациятын салайбыта, сааһыран баран олоҕун кыыллары көмүскээһиҥҥэ анаабыта[1].

NAVS хамсааһын уонна кыыллары уопукка туһаныыны утарар атын тэрилтэлэр бу күнү Холбоһуктаах наассыйалар тэрилтэлэрэ билиммитэ дииллэр[1][2][3], ол эрээри ХНТ официальнай саайтыгар ол туһунан суруллубатах.

  1. 1,0 1,1 The history of the NAVS. Тургутулунна 11 Муус устар 2013.
  2. Animal Aid: World Day For Animals In Laboratories. Тургутулунна 11 Муус устар 2013.
  3. Peter G., Tatchell Medical Charities Are Funding Animal Experiments But They Don't Want You to Know. Huffington Post (23 April 2012). Тургутулунна 12 Муус устар 2013.