Көҥүлүнэн барыы табыллыбат
Билигин дьон ымсыырар санааларыгар айылҕа кыыллара, көтөрдөрө талбыттарынан, баҕарбыттарынан сылдьаллар, санаабыт сирдэ-ригэр көтөллөр диэн сыыһа саныыллар. Кыыллар, көтөрдөр уһун үйэлэргэ үөскээбит сэрэхтээх буолуу үгэстэрин тутустахтарына эрэ олохторо табыллар. Бииртэн биир өссө улаатан, кыаҕыран иһэр тыҥырахтаах кыыллар, көтөрдөр кыралар аһара барбаттарын, мөл-төөн-ахсаан хаалбаттарын куруук көрө-истэ, хонтуруоллуу сылдьаллар, мөлтөөбүтү тутан ылан сиэн көҕүрэтэн иһэллэр.
Билигин дьон ахсааннара биллэрдик элбээтэ. Аныгы сайдыылаах олоххо көҥүл диэн киһиэхэ суох буолбута ыраатта. Киһи дьон бииргэ олорууларын, үлэлииллэрин үөскэтэр, хонтуруоллуур элбэх араас сокуоннары, быраабылалары, ыйаахтары толордоҕуна, тутустаҕына эрэ дьону кытта тапсан олоҕун киһилии олорор кыахтанар.
Киһиэхэ көҥүлүнэн барыы кыыллар оҥорор быһыыларыгар төннүүгэ, киһи буолан бүтүүгэ тириэрдэр. Көҥүл, көҥүлүнэн барыы, сылдьыы диэн дьон санааларыгар кыылларга, көтөрдөргө эрэ баар, кыыллыы быһыы буолар. Айылҕаҕа тыҥырахтаах кыыллар, көтөрдөр бааллара көҥүлүнэн барыы аһара барбатын үөскэтэллэр. Дьон сыгынньахтана, бэйэлэрин көрдөрүнэ сатааһыннара кыыл-лыы быһыыга төннө сатыыр баҕаларын биллэр көрүҥэ буолар.
Оҕо атаахтык иитиллэрэ өй-санаа аһара барара элбиириттэн көҥүлүнэн барааччылары уонна сыыһа-халты туттунааччылары үксэтэрэ сайдыыны ситиһиини атахтыыр. Дьон биир эмэ оҕолонон баран, ол оҕону атаахтык иитэр, үөрэтэр кыахтара улаатан хаалара аан бастаан биирдиилээн аймахтары эстиигэ тириэрдэр.
Көҥүлүнэн бара үөрэнэн хаалбыт оҕо көҥүлэ күөмчүлэннэҕинэ, хааттардаҕына ыгыллан, ыксаан өйө баайыллан хаалара киириэн сөп. Өйө баайыллыбыт киһи тугу баҕарар, олус куһаҕаны, ыары да оҥорон кэбиһэриттэн киһилии өйдөөх-санаалаах дьон сэрэнэллэр.
Киһи диэн өй-санаа сайдыбытын, кыыл, сүөһү өйүттэн-санаа-тыттан тупсубутун биллэрэр улахан суолталаах тыл буолар. Киһи буолуу үөрэҕэ киһи көҥүлүнэн барарын аҕыйатар, суох оҥорор. Сахалар “Көҥүлүнэн барбыт оҕоттон киһилии киһи тахсыбат” диэн өс хоһооно оҥорон итини бигэргэтэн олохторугар туһаналлар.
Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону көрсүө, сэмэй буолууга иитэн, үөрэтэн өй-санаа бу халыйыытын, көҥүлүнэн барыыны суох оҥоро сатыыр. Бу үөрэх көрсүө, сэмэй буолуу киһи быһыытын, сиэри тутуһарыттан көҥүлүнэн барыыны аҕыйатарын туһанар. Көрсүө, сэмэй киһи олоҕор оҥорор ситиһиилэрэ сааһыран, олоҕун уопута эбиллэн истэҕин аайытын улаатан иһэллэрин билэн сахалыы таҥара үөрэҕин туһанан оҕолорун иитэллэр, үөрэтэллэр.
Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учуонайдар тиэтэйэн, ыксаан, урутаан түһэн оҥорбут “айыыларын үөрэҕэ” саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар; көрсүө, сэмэй буол, сиэри тутуһа сырыт диэн төрүт үөрэхтэригэр сөп түбэспэт халыйыыны үөскэтэр. Саҥаны айыыны оҥоруу диэн сиэри таһынан барарынан, киһи быһыытын тутуспатынан көрсүө, сэмэй киһи улахан сэрэхтээхтик оҥорор быһыыта буолар. Итини тэҥэ, бу дьон үөрэхтэнэн тугу эмэ айбыта, булбута буола сатаан солумсахтара элбээн ньаамырҕаан саҥараллара үксээн сахалар төрүт тылларын уларыта сатааһыҥҥа тиийдилэр. Ийэ диэн саамай харыстыыр төрүт тылбытын “иньэ” диэн ньаамырҕаан саҥаран уларытыахтарын баҕараллар. (1,123).
Аныгы сайдыылаах олоххо көҥүлүнэн барыы диэн табыллыбат. Олус былыргы кэмнэргэ киһи соҕотоҕун тайҕа тыа быыһыгар сылдьар эрдэҕинэ көҥүлүнэн сылдьар курдук сананара аны хаалбыта. Дьону кытта бииргэ олоруу, үлэлээһин сокуоннарын халбаҥнаабакка эрэ тутустахха олох табыллар кэмэ кэлбитэ ыраатта.
Аныгы сокуоннар биирдиилээн дьон көҥүллэринэн барыыларын Аан дойду үрдүнэн тохтотор кыахтаннылар. Улахан буруйу оҥорбуттары дойдулар тутан, буруйу оҥорбут сирдэригэр төнүннэрэр дуогабардары оҥостоллоро буруйу оҥорооччулары аҕыйатар.
Аны дьон өйдөрө-санаалара өссө тупсан, сайдан тус-туспа омуктар бииргэ олорууларын үгэстэрин, үөрүйэхтэрин үөскэтэн, туһанар дьоҥ-ҥо иҥэрэн иһэллэриттэн сир үрдүгэр уһун үйэлээх эйэ үөскүүрүгэр олук ууран биэрэллэр. Дьон бииргэ олорууларын сокуоннарын тутуспат омуктары, дойдулары атыттар бары көмөлөөн эйэлээх олоххо төнүннэрэр кыахтанан иһэллэр. Бу быһыы туһалаах холобурун Сиирийэҕэ үөскээн ааспыт балаһыанньаттан билиэххэ сөп.
Өй-санаа сайдан, тупсан иһиитэ көҥүл диэни, көҥүлүнэн барыыны суох оҥорорун өйдөөх-санаалаах дьон ылынан араас элбэх сокуоннары, быраабылалары тутуһа сылдьаллара эрэйиллэр. (2,59).
Туһаныллыбыт литература.
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1. Дапсы-Алексеев М.П. Саха тылын үйэлээх үгэһин тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2016. – 272 с.
2. Каженкин И.И. Өй баайыллыыта.- Дьокуускай: Ситис, 2025. – 104 с.