Кэлтэгэй табык

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кэлтэгэй табык - сиэргэ-туомҥа туттуллар тыас таһаарар былыргы тэрил. Үс-түөрт оҕус тириитин кыһыахтаан баран тиирэн хатараллар, ол тиириллибит тириилэри дьыбарга таһыйаллар (охсоллор) эбит.

Кэлтэгэй табыгы, Иирэр дьаҕааны уонна Дьөлөкөй күпсүүрү кэриэстиир киһилэрэ өллөҕүнэ, эбэтэр кыыс-кийиит сүктүүтүгэр урууга маанылаан ойуун охсоро үһү. Маны Сэһэн Болоҕо 1936 сыллаахха Бөтүрүөп Уйбаан Уйбаанабыс диэн 68 саастаах Кыам уустан төрүттээх (эбэтэр Кыам Уус диэн ааттаах) Чурапчы киһитэ кэпсээбит, "Төлөй нэһилиэгин олохтооҕо Хабырыыс ойуун сэһэргиирэ", - диэбит[1].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинэ саха олоҕо. Дь. Бичик, 1994