Иһинээҕитигэр көс

Канаада бэлиэ күннэрэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Канаадаҕа бэлиэтэнэр күннэр

  • От ыйын 1
  • От ыйын 28 — Улуу аймаһыйыыны ахтар күн. 1755–1764 сс. Британия сэриилэрэ Акадияҕа XVII-XVIII үйэлэргэ көһөн кэлэн олохсуйбут 14 тыһыынча кэриҥэ францууһу күүстэринэн бастаан билиҥҥи АХШ сирдэригэр, онтон сорохторун Британияҕа уонна Францияҕа көһөрбүттэрэ. Ол содулуттан тыһыынчанан киһи өлбүтэ. Акадия диэн билиҥҥи Канаада Саҥа Шотландията, Нью-Брансуик, Принц Эдуард арыыта уонна Хотугу Мэн.
  • Алтынньы 9 — Өрт уотун бохсуу күнэ. АХШ-ка эмиэ бэлиэтэнэр.
  • Алтынньы 15 — Оҕо куотуутун уонна кыһыл оҕону сүтэриини кэриэстээһин күнэ
  • Алтынньы 16 — Тойон (босс) күнэ
  • Алтынньы 18 — Дьон күнэ (Persons Day). XX үйэ саҕаланыытыгар Канаада федеральнай сокуонугар "киһи" (person) диэн тыл "эр киһи" диэн эрэ суолталааҕыттан дьахталлар бырааптара күөмчүлэнэригэр болҕомто ууруллубута. 5 дьахтар көҕүлээһининэн икки сыл кэриҥэ барбыт суут кэнниттэн 1929 сыллаахха бу күн дьахталлар эмиэ бу өйдөбүлгэ киирэллэрин туһунан быһаарыы ылыныллыбыта