КНДР бэлиэ күннэрэ
Тас көрүҥэ
Кэриэйэ Народнай Дэмэкирээттии Өрөспүүбүлүкэтэ (КНДР), Чосон, Хотугу Кэриэйэ бэлиэ күннэрэ.
- Тохсунньу 15 — Кэриэй алпаабытын күнэ
- Олунньу 8 — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Олунньу 16 — Чаҕылыйар сулус күнэ (Ким Чен Ир төрөөбүт күнэ)
- Муус устар 15 — Күн күнэ. Ким Ир Сен төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
- Муус устар 21 — Кан Пан Сок төрөөбүт күнэ
- Бэс ыйын 2 — Оҕо күнэ
- От ыйын 27 — Аҕа дойдуну босхолуур сэриигэ Кыайыы күнэ.
- Атырдьах ыйын 15 — Босхолонуу күнэ
- Атырдьах ыйын 25 — Сонгун күнэ. Бу күн Ким Чен Ир 1960 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн байыаннай суолга үктэммит. Сонгун диэн дойду бастаан байыаннайдары хааччыйыахтааҕын туһунан идеологията.
- Балаҕан ыйын 9 — Тутулуга суох буолуу күнэ (1948)
- Алтынньы 3 — Ил тэриллиитин күнэ
- Алтынньы 10 — Баартыйа төрүттэниитин күнэ
- Сэтинньи 16 — Ийэ күнэ
- Ахсынньы 27 — Конституция күнэ