Иһинээҕитигэр көс

Инфра-кыһыл сардаҥа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Инфра-кыһыл киһи хаартыската

Инфра-кыһыл сардаҥа ( ИК ) диэн электромагнитнай радиация көрүҥэ (уоттаах долгун). Долгун киһи көрөр сырдыгыттан уһун уонна микродолгуннартан кылгас. Инфра- кыһыл диэн тыл кыһылтан аллараа диэн суолталаах. Латыын тылыттан infra ( аллараа суолталаах) уонна кыһыл диэн тылтан тахсар. (Инфра-кыһыл сырдык кыһыл сырдыктан намыһах частоталаах.) Кыһыл сырдык киһи хараҕа көрөр саамай уһун долгуннаах. Инфра-кыһыл долгуннары харах көрбөт.

Инфракыһыл сардаҥа долгуннара 800 нанометр уонна 1.4 микрометр икки ардыгар бааллар. Күнтэн кэлэр инфракыһыл сардаҥата үксүн чугас инфра-кыһыл буолар. 8 уонна 15 мкм икки ардыгар баар долгуннарыгар сылаас радиация көмөтүнэн сылаас ойуулааһын оҥоһуллар .

Дьон инфракыһыл сардаҥатын сылаас курдук билэр.

Үксүн ыраахтан хонтуруоллуур тэриллэр хонтуруоллуур сигналлары ыытыыга инфра-кыһыл сардаҥатын тутталлар. Зенитнай сэриигэ аналлаах үгүс ракеталар сыалларын инфра-кыһыл сардаҥаны туттан булаллар.

Bluetooth айыллыан иннинэ, сорох көмпүүтэрдэр уонна сиэп төлөпүөннэр атын тэриллэргэ билэлэри ыытыыга инфракыһыл сардаҥа технологияны туһаналлара. Блютуз 2000-с сыллар саҥаларыгар инфра-кыһыл оннугар киирбитэ. Инфра-кыһыл икки тэрил бэйэ-бэйэлэрин кытта "көрүү линиятыгар" турар наадаларынан хааччахтанара. [1]

  1. Bedell, Doug (2002-08-29). "Electronics unplugged - Bluetooth radio technology becoming reality in cellphones, printers, PDAs, headsets ..." (NewsBank). The Dallas Morning News: p. 3D. http://docs.newsbank.com/openurl?ctx_ver=z39.88-2004&rft_id=info:sid/iw.newsbank.com:AWNB:DMNB&rft_val_format=info:ofi/fmt:kev:mtx:ctx&rft_dat=0F5BDC0337F96215&svc_dat=InfoWeb:aggregated5&req_dat=0EAD847D4966C8AF. Retrieved on 2010-12-13.