Илии барбатын үөскэтии
Киһи уһун олоҕун устата биирдэ да сыыһа-халты туттунуом суоҕа диэн этинэрэ сыыһатын, кыаллыбатын дьон бары билэллэр. Ону туоһулуурга анаан сахалар “Быһа этинимэ” диэн аналлаах үөрэҕи туһаналлар. “От тюрьмы и от сумы не зарекайся” диэн нууччалыы өс хоһооно киһи аһара үчүгэйбин, үчүгэйи эрэ оҥоробун диэн аһара санамматыгар аналлаах. Киһи хаһан баҕарар дьадайыан сөбүн курдук сыыһа-халты туттунан, буруйу-айыыны оҥорон хаайыыга да түбэһиэн сөп диэн, бу өс хоһооно сэрэтэрин таба өйдөөн өй-санаа икки өрүтүн тутуһан туруктаах буоларын ситиһиэ этибит.
Сыыһа-халты туттунуу, киһи быһыытын аһара барыы араас быстах быһыыларга түбэһиини элбэтэр. Эдэр уолаттарбыт 30 бырыһыаннара хаайыыга киирэн тахсаллар диэни бары билэбит эрээри, элбэх сыыһалардаах, улаатан эрэр оҕолору, эдэрдэри үөрэтиигэ сөп түбэспэт тыл үөрэхтээхтэрэ була сатаан оҥорбут “айыы үөрэҕэ” диэн сектаны өрө тута сатыыбыт. Билигин хаайыыга сытар эдэрдэрбит үксүлэрэ саҥаны айыыны оҥорон биирдэ арыгы иһэн кэбиспиттэриттэн аһара туттунан буруйу оҥоро охсон түбэһэллэрин билбэтэҕэ буолуу сайынна.
Үлэлиир-хамсыыр, тугу эмэ оҥорор киһи сыыһа-халты, аһара туттунарыттан харысхалланыа, көмүскэллэниэ этэ. Сахалар Кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн киһини үйэтин тухары ийэтэ иитэн биэрбит ийэ кута харыстыыр, араҥаччылыыр, сыыһа-халты хамсаныылары оҥорорун аҕыйатар аналлаах. Биһиги киһиэхэ ийэ кута хайдах, хайа кэмҥэ үөскүүрүн кылгастык быһаара сатыахпыт.
Оҕо өйө-санаата мунньуллан күүһүрэн иһиититтэн 4 эбэтэр 5 сааһыттан умнубат буолуута үөскээн сайдар. Оҕо умнубакка өйдөөн хаалбыт кэмиттэн ыла бэйэтэ баарын билинэр. Бэҕэһээ тугу оҥорбутун, сарсын тугу оҥоруохтааҕын эбэтэр тугу үөрэппитин умнубакка өйдөөн иһиитэ өйө-санаата, салгын кута сайдан иһэрин, үөрэҕи ылынарын биллэрэр. Сахалар быһаарыыларынан бу кэмтэн, 5 эбэтэр 6 сааһыттан ыла оҕо бэйэтин толкуйдуур өйө-санаата, салгын кута сайдан, сыыйа дириҥээн, билиитэ кэҥээн барар.
Сайдан иһэр “Кут-сүр үөрэҕэ” быһаарыытынан оҕо киһини таба көрөр кэмиттэн өйө-санаата субу оҥорор быһыыларыттан сайдан эбиллэр, мунньуллар, буор уонна ийэ кутун үөскэтинэр. Тугу оҥоро үөрэммитэ, быччыҥнара хайдах хамнаабыттара барыта өйдөнөн хаалан иһэллэриттэн буор уонна ийэ кута хомуллан, таҥыллан үөскүүллэр. Субу оҥорор быһыыларын умнубакка бэйэтэ сатаан оҥоруор диэри элбэхтэ хатылаатаҕына, хос-хос оҥордоҕуна табыллар. Элбэхтэ үөрэнэн, сыыһа-халты туттан, тоҕон-хорон ньуосканан аһыырга, куруусканы иҥнэри тутан үүтү иһэргэ уһуннук үөрэнэр. Бу үөрэхтэр бары киһи хаһан да умнубат үгэстэригэр, үөрүйэхтэригэр кубулуйан үйэтин тухары туһалыы сылдьаллар.
Куһаҕан быһыыны оҥорума диэн үөрэх кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥнэҕинэ, ити үөрэхтэр курдук хаһан да умнуллубат үгэскэ кубулуйаллар уонна киһини үйэтин тухары куһаҕан быһыылары оҥороруттан тохтотор, харыстыы сылдьар кыахтаахтар. Төрөппүттэрэ, бу куһаҕан быһыы, манныгы оҥорума диэн оҕо кыра эрдэҕиттэн үөрэтэллэрэ туһатын олус улаатыннарар.
“Оҕо кыыһырда” диэн куһаҕан майгынын тэптэрэн, олохсутан биэрдэххэ улаатан баран кыыһыра сылдьара элбээн хаалыан сөп. Кыра эрдэҕиттэн төрөппүтүн тылын истэ, толоро үөрэннэҕинэ, соннук үгэс олохсуйан улаатан да баран истэр, толорор буолар. “Эппит тылы истии” диэн үөрэх итинник үөрэтииттэн саҕаланар.
Сахалар “Илии барбат” диэн этиилэрэ эмиэ ити үөрэхтэн тирэх ылан сайдар. Кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр киһини охсуолаабакка, тэбиэлээбэккэ үөрэтиллибит, иитиллибит оҕо хаһан даҕаны сутуруга, атаҕа урутаан бара сылдьыбат киһи буола улаатар, бэйэтин сыыһа-халты хамсаныыларыттан туттунар күүһэ улаатар.
“Илии барбатыгар” үөрэтиигэ биилээҕинэн, уһуктааҕынан сэрэнэн туттарга үөрэнии олус улахан суолталаах, сыыһа-халты туттунууну аҕыйатар аналланар. Кыра эрдэҕиттэн бу тэриллэринэн сэрэнэн, сэрэхтээхтик туттуна үөрэнии уһуктааҕынан, биилээҕинэн куруук туһана сылдьар хас биирдии саха киһитигэр улахан туһалаах.
Саха дьоно “Иҥиир тардар” диэн этиилэрэ элбэхтик үлэлиир быччыҥнар киһи баҕатынан эрэ буолбакка, сыыһа-халты хамнаныылары бэйэлэрэ оҥоруохтарын сөбүн биллэрэр. Уһуктааҕынан, биилээҕинэн дугдуруйа оонньууру куруук бобо сатыыллар.
Билигин эдэрдэр охсуһаллара, дьону кырбыыллара элбээбитин кэнниттэн, бу быһыылара туохтан саҕаланан үөскүүрүн арааран билии ирдэнэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ атаахтатан, бары баҕатын барытын толорон улаатыннарыы бас-баттах быһыылаах, көҥүлүнэн барбыт киһини улаатыннарар. Эдэрдэрбит бары атаахтык улаатыылара сыыһа-халты туттунан буруйу-сэмэни оҥороллоро элбээһинигэр тириэрдэрин билбэтэҕэ буола сылдьыы куһаҕаны элбэтэр.
Эдэр көлүөнэлэрин бас-баттах быһыылаахтык, көҥүлүнэн ыытан улаатыннарар аймахтар эстэр, симэлийэр суолга бэйэлэринэн киирэллэрин билэллэрэ ордук этэ. Соҕотох уолларын атаахтатан, аһара маанылаан кэбиспит ыаллар киһилии быһыылаах “туйах хатарааччыта” суох хаалаллара ити халыйыы дакаастабыла буолар.
Оҕону кыра эрдэҕинэ туохха үөрэтэри төһө эмэ үрдүк үөрэхтээх ааттаах учууталларбыт, учуонайдарбыт, бу хас саха кырдьаҕас киһитэ барыта билэр үөрэҕин билбэккэ сылдьаллара хомолтолоох. Оҕону кыра эрдэҕинэ аан маҥнай тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтэн ийэ кутун иитэн, киһи буолууну ситиһиннэрэн баран салгыы үөрэттэххэ, туруктаах өйдөөх-санаалаах киһи улаатан, олоҕу сайыннарар кыахтанарын билигин сахалыы таҥарабыт үөрэҕин билиммэккэ, туһаммакка тыл үөрэхтээхтэрэ хаалларан сылдьаллар.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн бу быһыы куһаҕан диэн билэрэ олору оҥорботугар кыах биэрэр. Киһи хаһан баҕарар өйө-санаата халбаҥныыр кэмигэр сыыһа-халты туттубатын туһугар кыра эрдэҕинэ “Илии барбатын” үөрэҕин ылынара ордук туһалыыр. Өй-санаа халбаҥныыра, баайыллан, көтөн ылара тыыннаах киһиэхэ хаһан баҕарар киирэн ааһыан сөбүттэн “Илии барбат буолуутун” үөрэҕэ эрэ, ол аата ийэ кута үчүгэй үгэстэргэ иитиллэрэ эрэллээхтик харыстыыр кыахтааҕын таба өйдөөн олохпутугар туһаныахпыт этэ.
Оҕону кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр бэрээдэккэ, киһилии быһыылары оҥорорго, онтон куһаҕан быһыылары оҥорбокко арааран үөрэтии хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. (1,29).
Туһаныллыбыт литература.
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1.Каженкин И.И. Өй-санаа сайдан иһиитэ. - Дьокуускай: Ситис, 2026. - 108 с.
Категорияларынан көрдөөһүн: Өй-санаа.