Иһинээҕитигэр көс

Ииндийэ бэлиэ күннэрэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ииндийэ бэлиэ күннэрэ — Ииндийэҕэ бэлиэтэнэр күннэр испииһэктэрэ.

  • От ыйын 1 — Быраас күнэ
  • От ыйын 26 — Каргил кыайыытын күнэ (Kargil Vijay Diwas). 1999 сыллаахха Пакистаан сэбилэниилээх күүстэрин 60-ча күн устата сэриилэһэн тохтоппут, Сиачень булууһу Ииндийэ бас билиитигэр хаалларбыт саллааттары ахталлар.
  • От ыйын 29 — Мохун Баган күнэ (Mohun Bagan). 1911 сыллаахха Мохун Баган (Калькутта) кулууп хамаандата Ииндийэ футболун куубагар аҥылычааннар хамаандаларын кыайбыта. Бу кыайыы Ииндийэ төрүт олохтоохторун сүргэтин көтөхпүтэ, дойду босхолоноругар кылааты киллэрбитинэн билиниллэр.
  • Атырдьах ыйын 14 — Араарыллыы ынырыгын ахтар күн. 1946 сыллаахха бу күн урукку Британия Ииндийэтэ икки доминиоҥҥа араарыллыбыта: Билиҥҥи Ииндийэ уонна Пакистаан (кэлин Пакистаантан Бангладеш арахсыбыта). Бу араарыллыы түмүгэр элбэх ыал төрүт сирдэриттэн көһөргө күһэллибиттэрэ, элбэх киһи атааннаһыы кэмигэр өлбүттэрэ.
  • Атырдьах ыйын 15Тутулуга суох буолуу күнэ. Британияттан 1947 сыллаахха
  • Атырдьах ыйын 20 — Манипури тылын күнэ. Дойду официальнай тылларын испииһэгэр киирбит күнүгэр бэлиэтииллэр.
  • Атырдьах ыйын 29:
    • Спорт күнэ
    • Телугу тылын күнэ