Грузия бэлиэ күннэрэ
Тас көрүҥэ
Грузия бэлиэ күннэрэ
- Тохсунньу 14 — Былаах күнэ. 2004 сыллаахха 500-чэ сыл туттуллубакка сылдьыбыт биэс кириэстээх былыргы былаах Грузия былааҕа буолбут
- Тохсунньу 27 — Грузия сырдатааччыта сибэтиэй Нино кэриэстэбилин күнэ (Нинооба)
- Олунньу 25 — Сэбиэскэй оккупация күнэ
- Кулун тутар 3 — Ийэ күнэ
- Кулун тутар 21 — Пограничник күнэ
- Муус устар 9 — Дойду сомоҕолоһуутун күнэ
- Муус устар 14 — Төрөөбүт тыл күнэ
- Муус устар 15 — Таптал күнэ
- Муус устар 30 — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Ыам ыйын 6 — Георгий Победоносец күнэ, Полиция күнэ
- Ыам ыйын 14 — Тамароба (Тамара ыраахтааҕыны ахтар күн)[1]
- Ыам ыйын 23 — Симон Кананит Апостол күнэ[2]
- Ыам ыйын 26 — Тутулуга суох буолуу күнэ. 1918 сыллаахха бастакы өрөспүүбүлүкэ төрүттэммит күнүгэр бэлиэтэнэр
- Бэс ыйын 1 — Нинооба
- От ыйын 16 — Гергетоба (Таҥараҕа таптал күнэ). Гергети сэлиэнньэҕэ баар былыргы сыаркапка ордук далааһыннаахтык бэлиэтииллэр
- Атырдьах ыйын 12 — Дидгороба (Дидгор күнэ). 1121 сыллаахха бу күн Давид IV Тутааччы баһылыктаах грузиннар уонна кинилэр союзниктара кыпчаактар Тбилиситтэн чугас Дидгори хайа анныгар мусульмааннар сэриилэрин кыайбыттар. Бу кэмтэн Грузия Көмүс үйэтэ саҕаламмыта.
- Алтынньы 14 — Мцхетоба (Мцхети куоракка баар Светисховели таҥара дьиэтигэр итэҕэлгэ сыһыаннаах сиэр-туом ыытыллар, дойдуга өрөбүл күн)
- Сэтинньи 23 — Гиоргоба (Сибэтиэй Георгий күнэ)