Готовцев Юрий Александрович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Готовцев Юрий Александрович

Готовцев Юрий Александрович. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин X, XI, XII ыҥырыылаах Норуот депутата, Ил Түмэн III ыҥырыылаах Норуот депутата.

Олоҕун олуктара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • 1939 сыл алтынньы 7 күнүгэр Өймөкөөн оройуонун Бастакы Бороҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ;
  • 1958 сыллаахха Дьокуускадааҕы Кооперация техникумун бүтэрбитэ.
  • 1966 сыллаахха Москватааҕы Плеханов аатынан Норуот хаһаайыстыба институтун бүтэрбитэ;
  • Хаҥалас улууһугар тыа сирин кооперациятыгар, Аллараа Халыма улууһугар Ил эргиэнигэр үлэлээбитэ;
  • 1974 - 1978 сылларга Саха АССР Госснаб начальнигын солбуйааччыта;
  • 1978 - 1981 сылларга Якутгорпромторг дириэктэрэ;
  • 1981 - 1989 сылларга Саха АССР Эргиэн миниистирэ;
  • 1989 - 1992 сылларга ССРС уонна РСФСР Тас эргиэн миниистирин Саха сиринээҕи бэрэстэбиитэл;
  • 1992 - 1997 сылларга СӨ Үлэ уонна социал көмүскэбил миниистирин солбуйааччыта, Пенсия департаменын дириэктэрин солбуйааччыта;
  • 1997 - 2002 сылларга Ил Түмэн Норуот депутата, Үлэ уонна социал политика кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ.

Ылыллыбыт сирэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]