Иһинээҕитигэр көс

Германия футбол чемпионата

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Германия футбол чемпионата, ол эбэтэр Футбол федерал лигата (ниэм. Fußball-Bundesliga), Германия бастыҥ футбол куоталаһыыта, үрдүкү футбол дивизиона буолар. Бундеслига (Bundesliga) диэн кылгас аатынан ордук биллэр. 1963 сылга тэриллибитэ. Бавария Мүнхен билигин Германия чемпионатын бастыҥ 34 төгүллээх чемпиона буолар.

Бундеслига 18 кыттааччы кулууптаах. Футбол сезона атырдьах ыйыттан кэлэр сыл ыам ыйыгар дылы буолар. Сезон устата хас биирдии хамаанда 34 матчы оонньуур. Чемпионат түмүгүнэн икки мөлтөх хамаанда Иккис Бундеслигаҕа түһэр. Иккис Бундеслига икки бастыҥ хамаандата кинилэри аныгыскы сезоҥҥа солбуйар. Бундеслига 16-с буолбут хамаандата Иккис Бундеслига үһүс хамаандатын кытта орун былдьаһаллар. Бундеслига бары хамаандалара Германия куубагар кытталлар. Бундеслига чемпиона уонна Кубок кыайыылааҕа Германия суперкуубагын былдьаһаллар. Өскөтүн чемпион куубагы ылбыт буоллаҕына кини Бундеслига иккис хамаандатын кытта Суперкуубагы былдьаһар. Бундеслига чемпиона, иккис, үһүс хамаандалара Чемпион лигатыгар быһа тахсаллар. Төрдүс хамаанда Чемпион лигатын квалификациятыгар оонньуур. Бэһис алтыс хамаандалар, маны тэҥэ Германия куубагын кыайыылааҕа, Дьобуруопа лигатыгар тахсаллар. Германия УЕФА рейтингар сезоннааҕы коэффициеныттан көрөн бу бэрээдэк уларыйыан сөп.

Германия чемпионата аан дойду биир күүстээх футбол дивизиона буолар. 2024 сыллааҕы УЕФА рейтингынан Бундеслига төрдүс оруннаах. Кинитээҕэр үөһээ Англия, Испания, Италия чемпионаттара эрэ бааллар.

Сезон Чемпион
1963–1964Көльн ФК
1964–1965Вердер Бремен
1965–19661860 Мүнхен
1966–1967Айнтрахт Брауншвейг
1967–1968Нүрнберг ФК
1968–1969Бавария Мүнхен
1969–1970Боруссия Мөнхенгладбах
1970–1971
1971–1972Бавария Мүнхен
1972–1973
1973–1974
1974–1975Боруссия Мөнхенгладбах
1975–1976
1976–1977
1977–1978Көльн ФК
1978–1979Хамбургер СВ
1979–1980Бавария Мүнхен
1980–1981
1981–1982Хамбургер СВ
1982–1983
1983–1984Штутгарт ФК
1984–1985Бавария Мүнхен
1985–1986
1986–1987
1987–1988Вердер Бремен
1988–1989Бавария Мүнхен
1989–1990
1990–1991Кайзерслаутерн ФК
1991–1992Штутгарт ФК
1992–1993Вердер Бремен
1993–1994Бавария Мүнхен
1994–1995Боруссия Дортмунд
1995–1996
1996–1997Бавария Мүнхен
1997–1998Кайзерслаутерн ФК
1998–1999Бавария Мүнхен
1999–2000
2000–2001
2001–2002Боруссия Дортмунд
2002–2003Бавария Мүнхен
2003–2004Вердер Бремен
2004–2005Бавария Мүнхен
2005–2006
2006–2007Штутгарт ФК
2007–2008Бавария Мүнхен
2008–2009Вольфсбург ФК
2009–2010Бавария Мүнхен
2010–2011Боруссия Дортмунд
2011–2012Боруссия Дортмунд
2012–2013Бавария Мүнхен
2013–2014
2014–2015
2015–2016
2016–2017
2017–2018
2018–2019
2019–2020
2020–2021
2021–2022
2022–2023
2023–2024Байер Леверкузен
2024-2025 Бавария Мүнхен