Гваделупа

Гваделу́па (фр. Guadeloupe [ɡwadəˈlup], прослушать ) — Вест-Ииндийэҕэ баар Франция региона уонна байҕал уҥуоргу департамена (département d’outre-mer, эбэтэр DOM). Иэнэ 1628 км².
Гваделупа департаменыгар Бас-Тер уонна Гранд-Тер арыылар киирэллэр, ыккардыларыгар Ривьер-Сале силбэһии сытар (Rivière salée, «туустаах үрэх»), бу арыылары уруккуттан «Гваделупа» диэн ааттыыллар, (фр. Île de la Guadeloupe), ону тэҥэ департамеҥҥа Мари-Галант (фр. Marie-Galante), Ла-Дезирад (фр. La Désirade), Ле-Сент (фр. Îles des Saintes) уонна Петит-Тер (фр. Îles de la Petite Terre) диэн кыра арыылар киирэллэр.
Олохтоохторун ахсаана — 382 704 киһи (2019), сүнньүнэн негроид расаҕа кирсэллэр, ону тэҥэ мулааттар. Депратамент официал тыла — боронсуус тыла, итэҕэллэрэ — католицизм[1].
Департамены Франция бырабыыталыстыбата аныыр префегэ салайар, быыбарданар Генеральнай сэбиэт (фр. Conseil general) диэн баар. Гваделупа интэриэһин Франция Ил Түмэнигэр үс дьокутаат уонна икки сенатор көмүскүүллэр.
Киинэ — Бас-Тер (фр. Basse-Terre) куорат. Иккис бөдөҥ куорат Пуэнт-а-Питр (фр. Pointe-à-Pitre).
- Валюта — евро.
- Кэм курдааһына — UTC−4.
- Төлөпүөнүн куола — 590.
- Интэриниэт-домен — .gp
- ISO куода — GP
Гваделупа бэлиэ күннэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 27 — Кулуттааһыны суох гыныы күнэ
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Estimation de la population. Séries par région, département, sexe Архыыптаммыт 2020, Ыам ыйын 20 күнүгэр.(фр.)