Ганзоригийн Мандахнаран

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Ганзоригийн Мандахнаран (монг. Ганзоригийн Мандахнаран, 1986 сыллаахха ыам ыйын 11 күнүгэр төрөөбүт) — Монгуол тустууга, аан дойду чөмпүйэнээттэрин призера.

Ганзоригийн Мандахнаран

1986 сыллаахха Зуунмодка төрөөбүт. 2010 сыллаахха Азия Оонньууларын чөмпүйүөнэ буолбута. 2013 сыллаахха Азия Оонньууларыгар үрүҥ көмүс мэтээли ылбыта, оттон Аан дойду чөмпүйэнээтигэр -- боруонсаны. 2014 сыллаахха Аан дойду чөмпүйэнээтигэр эмиэ үһүс миэстэ буолбута. 2016 сыллаахха Монголия көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Бразилия Рио-де-Жанейро куоратыгар ыытыллыбыт Олимпиада оонньууларыгар кыттыбыта. 65 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах бөҕөстөргө финалга тахсан бастакы миэстэ иһин Узбекистан бөҕөһө Наврузовтыын киирсибитэ. Тустуу иккис түһүмэҕэр 7:6 ахсаанынан кыайан иһэн, киирсии бүтэрэ 10-ча сөкүүндэ хаалбытын кэннэ, кыайдым дии санаан үөрэн, утарылаһааччытыттан куотан, сэрэтии ылан кыайтарбыта. Тириэньэрдэрэ судьуйа кэллиэгийэтигэр бырачыас түһэрэн мөккүһэ сатаабыттара эрээри, туһа тахсыбатаҕа. Түмүгэр Ганзоригийн Олимпиада үрүҥ көмүс призера буолбута.