Вигго Брун

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Вигго Брун

Вигго Брун (эбэтэр Виго Брун (Алтынньы 13, 1885) диэн норвежскай математик. Норвежскай наука академиятын чилиэнэ. Бочуоттаах Гамбург университетын доктора. Улахан аҥаар үлэтэ ахсаан теориятыгар, комбинаторикаҕа өттүлэригэр буолар.

Олоҕун олуктара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Вигго уон оҕоттон саамай балыс этэ. Осло университетын бүтэрбитэ, ол кэнниттэн Гёттингенскай университетка үөрэппитэ (1910-1923). 1923 сыллаахха Норвегияҕа төттөрү төҥнүбүт уонна Тронхейм куоракка Норвежскай технологическай институт профессора буолбута.

Ол кэнниттэн 1946 сыллаахха Осло университетын математика профессора буолбута. Кини үөрэннээччилэриттэн - Атле Сельберг кини ахсаан теоритыгар чинчийиилэрин салҕаабыт. 70 сааһыгар Брун үлэтиттэн тохтообут.

Науканан дьарыга[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1915 сыллаахха "решето Бруна" көрдөрбүтэ ("решето Эратосфена" салҕыыта) боростуой чыыһыланы чинчийэргэ. [1]. Ити методы тутуһан Гольдбах Гипотезатын дакаастыбылыгар чугаһаабыта. Кини дакаастабыта:

  • Ханнык баҕар улахан четнай чыыһыла маннык эбиигэ аҕалыахха сөп , ханнык баҕар эбиллээчитэ 9 элбэҕэ суох множитель баар.
  • Парааласпыт боростуой-игэрэ чыыһылалар эрээтэ тэҥнэһэр:
Эрээт сууммата ааттанар «Брун констатата» боростуой-игэрэлэргэ.

Брун элбэх кээмэйдээх непрерывные дроби чинчийбит. Улахан аҥаар кинигэтэ барыта математика остуоруйатын туһунан суруллубуттара. Комбинаторикаҕа "число размещений" быһаарытын холбообут.

Основные труды[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Über das Goldbachsche Gesetz und die Anzahl der Primzahlpaare, Archiv for Math. og Naturvid. B, Band 34, 1915, Nr. 8. (ниэм.)
  • Bull. Sci. Math., Band 43, 1919, S. 100—104, 124—128 (фр.) О сходимости ряда обратных простых близнецов.
  • Le Crible d'Eratosthène et le Théorème de Goldbach. C.R. Acad. Sci. Paris, 168, 1919, 544-546. Reprint:. London: Nabu Press, 2011, ISBN 978-1246733556. 42 p.
  • Euclidean algorithms and musical theory, L'enseignement mathematique, Vol. 10, 1964, pp. 125–137. (ааҥл.)

Литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Scriba C. J. Viggo Brun, Historia Mathematica, 7 (1980) 1-6.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Гельфонд А. О., Линник Ю. В. Элементарные методы в аналитической теории чисел, глава 5. М., 1962.