Валюта уонна харчы

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Валюта уонна харчы — дьинэр араас-араас өйдөбүллэр.

Харчы оннугар, сорох быhыыга-майгыга, атын мал-сал туттуллуон сөп. Холобура, сэрии сылларыгар кэккэ сирдэргэ харчы оннугар табах туттуллубута биллэр. Россиягиперинфляция кэмигэр, о.э, 90-с сылларга сахар, табах, водка харчы оруолун оонньообуттарын билэбит.

Валюта диэн тыл киэн туттууга 20-с үйэ иккис анарыгар киирбитэ уонна үксүн туттулар харчы бэлиэлэригэр уонна счетка баар харчыга сыhыаннаан туттуллар. Холобура, Былыргы Рим денарийа валюта быыhаарыытыгар сөп түбэhэр эрээри, оонук ааттаммыта суох. Ол оннугар "манньыат", "харчы биирдэмэ" диэн өйдөбүллэр туhаныллаллар.