Быстах быһыыттан харыстаныы
Олох салгыы баран истэҕинэ өй-санаа сайдан, уларыйан, тупсан иһэрэ үөскүүр. Бу уларыйыыны киллэрэр санаа аан бастаан быстах санааны үөскэтэр уонна аһара бардаҕына элбэтэн кэбиһэр. Элбэх быстах санаалартан үчүгэйэ, туһалааҕа талыллан тахсан уһун санааҕа кубулуйан олоххо туһалаах, үчүгэй диэн ааттанар быһыыны оҥорууга тириэртэҕинэ эрэ сайдыыны аҕалар кыахтанар.
Быстах санааны тутуһан киһи быстах быһыыны оҥорон кэбиһэрин сиэри тутуһуу хааччахтаан киһилии быһыыга киллэрэн биэрэр. Сиэр диэн үчүгэй быһыыны оҥорууга тириэрдибит санаа ааттанар. Киһи бу санааны тутуһан хатылаан оҥорор быһыыта таба, үчүгэй буолан тах-сар кыахтанар. Хас биирдии саха киһитэ былыргы кэмнэртэн ыла оҥорор быһыыларыгар сиэри тутуһа сылдьара үгэс буолбут.
Сиэри тутуһар киһи сахалыы таҥара үөрэҕин ылынар, этиилэрин толоро сылдьар киһи буолар. Сиэри тутуһа сылдьыыттан таҥара үөрэҕэ үөскээн тарҕаммыт. Сиэри сахалар эрэ тутуһаллар, ол иһин маҥнайгы киһи таҥара үөрэҕин төрүттээбиттэрэ быһаарыллар.
Киһи өйө-санаата сайдан иһэринэн өссө туһалааҕа биллэ илик быстах быһыыга киирэн биэрэр куттала улаатан иһэр. Үчүгэй буолуо диэн быстах санааттан оҥоруллар быһыылар табыллыбакка, сатам-макка хаалаллара элбэҕиттэн куһаҕаны үксэтэн кэбиһэллэр. Ол иһин быстах быһыыга киирэн биэрбэт туһугар дьон оҥорор куһаҕан быһыы-ларын барыларын билии уонна олору оҥорбот буолуу киһиттэн эрэйиллэр көрдөбүл буолар. Киһи өйө диэн саамай кэбирэх сирэ буолара өй көтөн, суох буолан хааларыттан биллэн дакаастанар. Өй кэбирээн, мөлтөөн иһэрэ аан маҥнай хамсаан, буккуллан ылара киирэн иһэриттэн уонна умнуган буолуу улаатан барарыттан быһаарыллар.
Быстах быһыыны оҥорууну өй хамсааһына үөскэтэн киһи сыыһа-халты туттунарыгар тириэрдиэн сөбүттэн улахан куһаҕан быһыылары эрдэттэн билэн, олору оҥорбот буолуу эрэйиллэр. Быстах санаатыгар баһыттаран сыыһа-халты саҥарара, туттунара киирэн кэлэр киһини “Өйө хамсаата” диэн этэллэр. Өй хамсааһына киһини сыыһа-халты тутуннарыан сөп. Өйө соһуччу хамсаабыт киһи ханна эрэ сылдьан соҕотохто сууллан түһүөн, дэҥнэниэн сөбө сэрэхтээх буолары ирдиир. Этээстээх дьиэ кирилиэһигэр өйө хамсаабыт киһи сууллан түһэн дэҥнэниэн сөбө куруук баар. Тымырдар кыарыылларыттан, бысталларыттан мэйиигэ хаан сүүрэрэ мөлтөөтөҕүнэ өй хамсыыра үөскүөн сөп. Аныгы наукаҕа ону инсульт ыарыыта диэн ааттыыллар.
Оҕо өйүн-санаатын салайар кыаҕа улаатан, тулуура эбиллэн истэ-ҕинэ үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэрэ эрэйиллэр. Киһи олоҕун биир тутаах сыалынан быстах санааҕа киирэн биэрэн быстах быһыыны, ол аата куһаҕаны оҥорон кэбиһимиэххэ диэн буолар.
Өй-санаа аһара барыыта киһини ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро сатааһыҥҥа тириэрдэн куһаҕаны оҥорууну элбэтэрин биллэххэ табыллар. Дьон элбэх саҥаны айыыны оҥоро сатааһыннарыттан биир эмэ табыллан, сатанан дьоҥҥо туһаны, үчүгэйи аҕаларын умнумуохха, онтон атыттара бары кэриэтэ табыллыбакка, сатаммакка хаалан куһаҕаны элбэтэллэрин тэҥэ, киһи сыыһа-халты туттунара киирэн кэлэриттэн үчүгэй буолуон да сөбүн куһаҕаҥҥа кубулутар.
Өй-санаа сайдыытын бу уратытын хас биирдии киһи билэ сылдьыа этэ. Сахалыы таҥара үөрэҕэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэрэ киһи быстах быһыыны оҥорон эбэтэр сыыһа-халты туттунан куһаҕаҥҥа тириэрдэн кэбиһэриттэн харыстыыр аналлаах. Ону тэҥэ, оҕо ийэ кута үчүгэй быһыылары үгэс оҥостон иҥэриннэҕинэ үчүгэй быһыылары оҥороро элбиирин таҥара үөрэҕэ тутуһар.
Оҕоҕо ийэ кута үөскээһинэ быстах быһыыга киирэн биэрэриттэн харыстыыр аналлаах. Сахалар оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй быһыылары оҥотторон иитэн биэрэри тутуһаллар.
Оҕо кыра, өссө бэйэтэ ситэ өйдөөбөт эрдэҕинэ ийэ кута хайдах иитиллибититтэн тутулуктанан өйө-санаата икки аҥы арахсар:
1. Үчүгэй иитиилээх.
2. Куһаҕан иитиилээх.
Оҕо ийэ кутун иитии диэн оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ үгэстэринэн иитэн өйүн-санаатын төрүттээн биэрии буолар, ол иһин уратыларын төһө кыайарбытынан дириҥник ырытыахпыт:
1. Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар ийэтэ ылар оруола аһара үрдүгүн ийэ кут диэн оҕо төрүт өйүн-санаатын былыргылар ааттаабыттара биллэрэр. Ийэ диэн тыл үөскүүр былыргы кэмнэригэр сахалар оҕо өйө-санаата сайдыытын, саҥаны билиитин уратыларын дириҥник үөрэппиттэрин оҕо төрүт кутун ийэ кут диэн ааттаабыттара туоһулуур.
Оҕо кыра эрдэҕинэ көрөн-истэн үчүгэй быһыылары оҥотторон ийэ кутугар үчүгэй үгэстэри ийэтэ иҥэрэн биэрбит буоллаҕына, оҕо үчүгэй иитиилээх, ол аата үгэстэрдээх буола улаатар. Бу үчүгэй үгэстэрэ кини оҥорор быһыыларын үйэтин тухары салайа сылдьаллар.
Киһи саҥа оҥорор быһыытын ийэ кутугар иҥэн сылдьар урукку баар үгэстэригэр тэҥнээн, сөп түбэһиннэрэн баран оҥорор. Ийэ кутугар үчүгэй үгэстэр иҥэн сылдьар буоллахтарына, оҕо ол үгэстэригэр тэҥнээн үчүгэй быһыылары оҥорор уонна үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар.
2. Арҕааҥҥы сыыһа үөрэхтэри оҕо иитиитигэр туһаныыттан кыра эрдэҕинэ ийэ кута сайдарын хаалларан кэбиһии олоххо киирэн сылдьар. Бу сыыһа үөрэхтэри быраҕан, хаалларан улахан алҕаһы көннөрдөххө эрэ оҕо иитиитэ көнөн, тупсан, үчүгэй иитиилээхтэр эл-бээннэр үлэни сайыннарар кыахтара улаатар кэмнэрэ кэлэр.
Кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр оҕо куһаҕан быһыылары оҥорорун ийэтэ тохтоппокко хааллаҕына, ол быһыылара ийэ кутугар иҥэн хаалан куһаҕан иитиилээх буолан хаалыан сөп.
Оҕо атаахтыы, маанылана сылдьара, бэлэмҥэ үөрэнэрэ бэйэмсэх санаатын аһара улаатыннаран кэбиһэрэ ол-бу араас быстах быһыы-лары оҥорууга тиийэн хааларын үөскэтиэн сөп.
Оҕо өйө-санаата сайдыыны ситиһэриттэн халыйан, быстах быһыылары оҥоруу диэки баран хааларын сахалыы таҥара үөрэҕэ аналлаах сиэр уонна киһи быһыыта диэн хааччахтары оҥорон тохтотон, олор көмөлөрүнэн киһилии быһыылаах буола улаатарыгар тириэрдэр.
“Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ туһалаах үөрэҕэ оҕону быстах быһыыга киирэн биэрэриттэн харыстыыр аналлаах. Саҥаны айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу үгүстүк сыыһа-халты буолан тахсарыттан уонна куһаҕаны элбэтэн кэбиһэриттэн оҕо улаатан истэҕинэ өйүн-санаатын харыстаатахха эрэ табыллар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн иитэн биэрии диэн сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар билиитэ быстах быһыыга киирэн биэрэриттэн харыстааһын буолар. Ийэ кукка киирэн иҥмит үгэстэр компьютер программатын курдук үлэлииллэриттэн оҥорор быһыыны куруук хонтуруоллуу, тупсаран биэрэ сылдьаллар. Оҕо ийэ кута иитиллэр кэмигэр үчүгэй быһыылары оҥотторон, иҥэрэн биэрдэххэ, үчүгэй үгэстэри үөскэтэн биэрии буолан туһаны оҥорор.
Оҕолорун өйүн-санаатын харыстыыр, киһилии быһыылаах буолууга иитэр, үөрэтэр төрөппүттэр сахалыы таҥара уонна Кут-сүр үөрэхтэрин оҕо иитиитигэр туһана сылдьыа этилэр.
Сахалыы таҥара үөрэҕэ оҕо ийэ кутун үчүгэй быһыыларынан иитэн биэриини тутуһан оҕолору харыстыыр аналлаах. (1,83).
Туһаныллыбыт литература.
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1. Каженкин И.И. Өй-санаа аһара барыыта. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: “Ситис”, 2025. – 108 с.