Быстар дьадайыыны утар охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Быстар дьадайыыны утар охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ — сыл аайы алтынньы 17 күнүгэр быстар дьадайыыга дьон болҕомтотун тардаары аан дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр күн.

Күн устуоруйата[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1987 сыл алтынньы 17 күнүгэр Парижка (Франция) Трокадеро болуоссатыгар 100 000 кэриҥэ киһи мустан аһара дьадайыы Киһи быраабын декларациятын кэһэрин туһунан туһаайыыны бырабыыталыстыбаларга ылынар туһунан быһаарбыттара. Онно киһи быраабын көмүскүүргэ уонна быстар дьадайыыны суох гынарга күүстээх үлэ барыахтааҕын модьуйбуттара. Бу мустуу туһунан мэҥэ таас Трокадеро болуоссатыгар бэйэтигэр уонна атын 50-тан тахса сиргэ баар.

Тааска "Төрдүс эйгэ" (фр. Quart monde) хамсааһын төрүттээччитэ Жозеф Вресински (Joseph Wresinski) тыллара суруллубут:

Эр дьон уонна дьахталлар быстар дьадаҥытык олорор сирдэригэр киһи бырааба кэһиллэр. Бу быраабы хааччыйарга түмсүү — биһиги ытык иэспит.

1992 сыллаахха ахсынньы 22 күнүгэр ХНТ Сүрүн ассамблеята бу күнү сылын ахсын бэлиэтиир туһунан A/RES/47/196 нүөмэрдээх быһаарыы (резолюция) ылбыта. ХНТ дойдулар баһылыктарыгар уонна бырабыыталыстыбаларыгар туһаайыытыгар быстар дьадайыыны суох гынарга бэйэлэрин дойдуларын уратытын учуоттуулларыгар ыҥырбыта. Бу туһаайыыга атын тэрилтэлэргэ уонна көннөрү дьоҥҥо эмиэ дьадайыыны утары охсуһарга көмөлөһөллөрүн туһунан ыҥырыы баар[1].

Күнү бэлиэтээһин[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Аан дойду үрдүнэн эгэлгэтик бэлиэтииллэр: дьадаҥыларга анаан аһымал аахсыйалары ыыталлар, харчы хомуйаары аукционнары тэрийэллэр, кэнсиэрдэри туруораллар. Сорох сиргэ дьадайыы дэгиэ тыҥыраҕыттан мүлчү көппүт дьон тугу гынан туруктарын тупсарбыттарын туһунан дьоҥҥо аһаҕастык кэпсииллэр.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]