Сторожева Алина Юрьевна

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сторожева Алина Юрьевна — 2007 сыллаахха ыам ыйын 8 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Мүрү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын ахсыс кылааһыгар үөрэнэ сылдьан ууга түһэн эрэр киһини өлүүттэн быыһаабыт, Арассыыйа бэрэсидьиэнин ыйааҕынан 2009 сыллаахха «Өлөн эрэллэри быыһаабытын иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

Ол туһунан «Саха сирэ» хаһыат маннык суруйбута[1]:

Алина дьиэтэ Бороҕон таһыгар турар Мындааба диэн сэлиэнньэҕэ баар. Суол ортотугар күөллээх буолан, олохтоохтор саас, күһүн ахсын муостанан туоруурга күһэллэллэр. Кыыс суолу тула көрбүтэ ким даҕаны суох, арай күөл биир өттүнэн дьахтар хааман иһэн охтон түһэр.

— Бастаан чалбахха суулунна быһыылаах диэн күлэ санаабытым. Онтон: «Быыһааҥ! Быыһааҥ!» — диэн хаһыытаабытыгар, тугу даҕаны толкуйдаабакка сүүрэн тиийбитим, — диэн Алина кэпсээнин саҕалыыр.

— Муус хайдыбыт буолан, дьахтар аттыгар наһаа чугаһаабакка эрэ, ханан киирэрбин толкуйдаан эргийэ сүүрэ сылдьыбытым. Саатар ураҕас уунуохпун аттыбар туох даҕаны суох. Ол быыһыгар суотабай төлөпүөммүнэн ыаллыы олорор дьоммор эрийэн, көмөҕө ыҥырбытым. Ууга түспүт дьахтарым номнуо төбөтө ууттан күөрэйэ-күөрэйэ сүтэрэ, хайдыбыт муустан тутуһа сатыы-сатыы көмөлөһө охсорбор көрдөспүтэ. Ол кэмҥэ аттыбытынан уол ааһан эрэр этэ, киниэхэ: «Кэл, көмөлөс», — дии сатаабытым, көрбөтөҕө буола-буола баран хаалбыта. Онтон мууска сыттым уонна илиибин дьахтарга ууннум. Хап-сабар илиитин утары биэрбитэ, ону тардан, аны хонноҕун анныттан тардан баран дьахтарбар: «Муустан аанньын!» — диэт, ууттан тардан ылбытым.

Алина мантан сиэттэрэн улаатан баран ыксаллаах быһыы-майгы үлэһитэ буолбут, ХИФУ Горнай институтугар «ыксаллаах быһыы-майгы харыстабылын инженерэ» диэн идэни баһылаабыт.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Айтана АММОСОВА, Киһини өлүүттэн быыһаабыт Алина Сторожева. «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru