Апостол Андрей
Апостол Андрей (нууч. Андре́й Первозва́нный, был.-гириэк. Ἀνδρέας ὁ Πρωτόκλητος, лат. Andreas Primovocatus) — Иисус Христос уон икки апостолуттан (үөрэнээччититтэн, батыһааччытыттан) биирдэстэрэ, Саҥа Кэс тыл кинигэ персонааһа. Иоанн Евангелиетыгар Андрей бастакы батыһааччы буолбута ахтыллар[1], ол иһин православиеҕа[2] «Первозваннай» (бастакы ыҥырыллыбыт) диэн титулу сүктэрэллэр.
Үһүйээн быһыытынан Рим импиэрийэтин Ахея провинциятын Патры куоратыгар 60—70 сылларга кириэскэ тиирэн өлөрбүттэр[3]. X курдук кириэс («Андреевскай кириэс») аан бастаан Франция соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр X үйэҕэ баар буолбут, уонна XIV үйэттэн киэҥник туттуллар буолбут диэн ааҕыллар[4]. Италия ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатыгар маннык кириэс Барҕарыы кэмин кэнниттэн биллэр буолбут[5].
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Халыып:Библия
- ↑ General Audience of 14 June 2006: Andrew, the "Protoclete" - Benedict XVI. — «Andrew, then, was the first of the Apostles to be called to follow Jesus. Exactly for this reason the liturgy of the Byzantine Church honours him with the nickname: "Protokletos", [protoclete] which means, precisely, "the first called"»
- ↑ St. Andrew(ааҥл.). Britannica (Халыып:TranslateDate/en).
- ↑ Bulletin — The St. Louis Art Museum. — 1993. «The X-shaped or saltire cross, also known as St. Andrew’s cross, appears for the first time in the tenth century in southwestern France. By the fourteenth century it had become the convention, although the original source for this particular form is unknown»
- ↑ Le langage secret de la Renaissance: le symbolisme caché de l'art italien / Richard Stemp. — National geographic France, 2012. — С. 108. — 224 с. — ISBN 9782822900003