Мадхья-Прадеш: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты
Создано переводом страницы «Мадхья-Прадеш» |
Создано переводом страницы «Мадхья-Прадеш» |
||
60 устуруока: | 60 устуруока: | ||
* Шеопур (1998 с.) |
* Шеопур (1998 с.) |
||
* Шивпури |
* Шивпури |
||
</div> |
|||
⚫ | |||
== Политика == |
|||
⚫ | |||
* 1956—1957: Паттабхи Ситарамайя |
* 1956—1957: Паттабхи Ситарамайя |
||
* 1957—1965: Харивинаяк Патаскар |
* 1957—1965: Харивинаяк Патаскар |
02:52, 30 От ыйын 2015 барыл
Ма́дхья-Праде́ш (хинди मध्य प्रदेश; ааҥл. Madhya Pradesh) — Ииндийэ киинигэр баар штаат штат. «Мадхья» хинди тылыгар «үөс, киин» диэн суолталаах, «прадеш» — «уобалас, оройуон». Олохтоохторун ахсаана 72 597 565 киһи (дойдуга 6-с). Киин куората — Бхопал. Атын куораттара — Гвалиор, Индаур, Джабалпур. Олохтоохтор туттар сүрүн тыллара — хинди.
Географията
Штаат иэнэ — 308 000 км² (иэнинэн дойдуга иккис) — 2000 с. Чхаттисгарх штаат арахса илигинэ Мадхья-Прадеш дойдуга саамай улахан иэннээх этэ. Арҕаа Гуджарат штааттыын, хотугулуу-арҕаа Раджастхан штааттыын, хотугулуу илин Уттар-Прадеш, илин Чхаттисгарх уонна соҕуруу Махараштра штааттардыын быысаһар.
Бенгаал хомотун уонна Аравия муоратын тардыыларын кирбиитигэр сытар. Ганг, Маханади уонна Годавари салаалара хомо тардыытыгар, Нармада уонна Тапти. муора тардыытыгар киирэллэр. Тыата 31 %.
Дьаһалтанан тыырыллыыта
Штаат 50 уокуруктаах:
- Алираджпур (2008 с. тэриллибит)
- Ануппур (2003 с.)
- Ашокнагар (2003 с.)
- Балагхат
- Барвани (1998 с.)
- Бетул
- Бурханпур (2003 с.)
- Бхинд
- Бхопал (1973 с.)
- Видиша
- Гвалиор
- Гуна
- Дамох (1950-с сс. тэриллибит)
- Датия
- Девас
- Джабалпур
- Джхабуа
- Диндори (1998 с.)
- Дхар
- Индор
- Катни (1998 с.)
- Кхандва
- Кхаргон
- Мандла
- Мандсаур
- Морена
- Нарсингхпур (1950-с сс. тэриллибит)
- Нимуч (1998 с.)
- Панна
- Раджгарх
- Райсен
- Ратлам
- Рева
- Сагар
- Сатна
- Сеони (1950-с сс.)
- Сехор
- Сидхи
- Синграули (2008 с.)
- Тикамгарх
- Удджайн
- Умария (1998 с.)
- Харда (1998 с.)
- Хошангабад
- Чхатарпур
- Чхиндвара
- Шаджапур
- Шахдол
- Шеопур (1998 с.)
- Шивпури
Политика
Губернатордарын тиһигэ:
- 1956—1957: Паттабхи Ситарамайя
- 1957—1965: Харивинаяк Патаскар
- 1965—1966: К. Ч. Редди
- 1966: П. В. Диксит
- 1966—1971: К. Ч. Редди
- 1971—1977: С. Н. Синха
- 1977—1978: Н. Н. Ванчу
- 1978—1980: Ч. М. Пунача
- 1980—1981: Б. Д. Шарма
- 1981: Г. П. Сингх
- 1981—1983: Б. Д. Шарма
- 1983: Г. П. Сингх
- 1983—1984: Б. Д. Шарма
- 1984—1987: К. М. Чанди
- 1987: Н. Д. Оджха
- 1987—1989: К. М. Чанди
- 1989—1990: Сарла Гревал
- 1990—1993: М. А. Хан
- 1993—1998: Мохаммад Сафи Куреши
- 1998—2003: Бхай Махавир
- 2003—2004: Рам Пракаш Гупта
- 2004: К. М. Сетх
- 2004—2009: Барлам Джакхар
- 2009—2011: Рамешвар Тхакур
- с 2011: Рам Нареш Ядав
Культура
Штаат сиригэр ЮНЕСКО Аан дойдутааҕы утумун эбийиэктэрэ бааллар — Кхаджурахо храам, ступа Санчи уонна Бхимбетки хайа хаспахтара. Ону таһынан Гвалиор, Индаур, Бхопал, Удджайн эмиэ туриистар сылдьар сирдэрэ.