Иһинээҕитигэр көс

Алматы ыһыаҕа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алматы ыһыаҕа - Казахстаан Өрөспүүбүлүкэтигэр Алматы куоратыгар олорор саха диаспоратын күүһүнэн тэриллэр ыһыах.

Алматы ыһыаҕын историята

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Алматы куоратыгар ыһыах 90-с сс. саҕалаан ыытыллар буолбута. Ол эрэн саха диаспората аҕыйах ахсааннаах эбит буоллаҕына, тэрээһинэ кыра соҕус буолааччы.

2022 с. Алматы куоракка саха эмискэччи элбээбитигэр, улахан ыһыаҕы ыһарга санаа киирбитэ. Ити сылтан саҕалаан улахан тэрээһиннээх Алматы ыһыаҕа бэлиэр 3-тэ ыытылынна.