"Мэҥэдьэк" холкуоска хоргуйуу

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэрии сылларыгар куһаҕан аргыһа суох, буолбат дииллэригэр дылы, улахан уот курааннар бүрүүкээбиттэрэ, ону тэҥэ ойуур, тыа уот сириттэн күл-көмөр буолбуттара.

Аһыҥка олус элбээн тыал буолан көппүтэ. Ходуһа отун бүтэрэн күөлгэ киирэн олорор срдэрэ суох буолан охтууллара. Бааһынаҕа бурдугу имри соппуттара. Дьон-сэргэ, оҕолуун, турардыын-турбаттын бука бары сарсыарда күн тахсыаҕыттан киэһэ күн киириэр диэри аһыҥканы утары охсуһан улахан ханааба хаһаллара. Куулунан куйуур оҥостон, онон баһан дьаамаҕа куталлара. Бааһынаҕа бурдукка олорор аһыҥкалары быанан төттөрү-таары соһон олордубат сиэппэт буола сатыыллара.

Ити кэнниттэн хоргуйуу-аччыктааһын дьону эмэн киирэн барбыта. Колхозтаахтар, оҕолор бааһынаҕа тохтубут туорааҕы, кутуйах хаһааһын хомуйдахтарына тутан ылан, холкуос маҥхааһыйыгар куталлара. Ити сылларга колхоз бэрэссэдээтэлинэн Петров Михаил Петрович үлэлээбитэ. Мэҥэдьэккэ хоргуйан үс ыал эстэ сыыспыта. Ол курдук Дьоромолор оҕолоро өлбүтэрэ. Бэйэлэрэ ыалы кэрийэн аһыыр этилэр. Чоҥойдоро аҕалара уолунаан өлбүттэрэ. Чоҥой оҕонньор сэрии иннинэ улахан от охсоочунан, кыайар-хотор үлэһит киһинэн биллэрэ. Ол бухатыыр киһи суорума суолламмыта. Чоҥой ойоҕо Маарыйа Титиктээх сиһигэр хоргуйан охто сыттаҕына, Сергеев Дмитрий Сергеевич булан оҕуһунан тиэйэн Мэҥэдьэккэ аҕалан тыыннаах ордубута.

Онтон Дьоодьо Өлөксөй оҕолоруттан үс оҕо өлбүтэ. Улахан уоллара, Иванов Николай Алексеевич, холкуоска үлэлии-үлэлии балтыларын-бырааттарын куобаҕынан аһатар этэ. Биирдэ үс куобах сүгэһэрдээх иһэн сэниэтэ эстэн, Күөхтэй ааныгар сиэрдийэҕэ өйөнөн, иннинэн-кэннинн барбат буолан турдаҕына, Ксенофонтов Маппый уолунаан Кууһумалыын булан дьиэлэригэр киллэрэн аһатан өрүһүйбүттэрэ. Сарсыныгар дьиэтигэр тиийбитэ, биир быраата өлбүт этэ. Сэрии бүтэһик сылларыгар армияҕа баран, дьоппуон сэриитигэр сылдьыбыта. 1951 сыллаахха 2 оҕолоох огдообо дьахтары, Григорьева Мария Даниловнаны ойох ылан 7 оҕолонон, барыта 9 оҕону иитэн-харайан улаатыннарбыттара.

Мэҥэдьэккэ өссө да өлүү-сүтүү буолуоҕун дьоннор бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэр этилэр, оттон холкуос үүт аннын туох баарынан нэрээттээн тыыннарыгар тыын эбэрэ. Айда, Хатыы икки ардыгар ыалы кэрийэн хонуктуур дьоннор суолга охтон өлө сыталларын көрөр этибит.

Билигин даҕаны дьон өйдүүр-саныыр. Мэҥэдьэккэ үтүө ыаллар Ньаахтар, Былатыаннар элбэх киһини хоннорон, аһатан өлүүттэн быыһаабыттара. 1945 сыл сайыныгар бурдук бөҕө үүнэн холкуостаахтар лэппиэскэлэнэн тото-хана аһаабыттара. Ити кэмҥэ холкуос бэрэссэдээтэлинэн Платонов Василий Григорьевич үлэлээбитэ.