Лукас Джордж

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Джордж Лукас 2009 сыллаахха.

Лукас Джордж Уолтон, джуниор. (1944 сыл ыам ыйын 14 күнүгэр Калифорния штатын Модесто сиригэр төрөөбүт) — АХШ киинэ режиссера, продюсера, сценарий суруйааччыта. Ордук биллэр үлэлэрэ) Сулустар сэриилэрэ (Звездные войны) уонна Индиана Джонс киинэлэрэ.

Кини ону тэҥэ THX 1138 (1970) уонна Америка Граффитита (1973) диэн киинэлэри режиссердаабыта. Индиана Джонс сериялаах киинэлэри Стивен Спилбергы кытта оҥорбута Кини ол киинэлэргэ араас специальнай эффектары киллэрбитэ, ол кэнниттэн киинэҕэ эрэ буолбакка ооннььууларга, телевизор программаларыгар туттуллар специальнай эффектары оҥорор хампаанньаны тэрийбитэ.

Лукас Pixar анимациялары оҥорор студияны тэрийбитэ, уонна кэнники Стив Джобска 10 мөл дуолларга 1986 сыллаахха атыылаабыта.[1]

Чааһынай олоҕо[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кини үс оҕолордоох: Кэйти, Аманда уонна Джет Лукастар. Джет Лукас Сулустар сэриилэригэр иккис уонна үһүс эпизодтарыгар Зет Джукасса аатынан кыттыбыта.

Лукас 2006 сылаахха Ариель Инвестмент хампаанньа бэрэсидиэнин уонна Дримворкс хампаанньа сэбитэтигэр баар дьахтары кытары - Мелоди Хобсоны кытта көрсөр буолбута.[2][3][4] 2013 сыл тохсунньутугар дьиэ кэргэн буолалларын туһунан кэпсээбиттэрэ[5] уонна 2013 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр Лукас Скайуокер ранчотыгар холбоспуттара.[6]

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Markoff, John (October 5, 2011). "Steve Jobs, Apple's Visionary, Dies at 56". The New York Times. http://www.nytimes.com/2011/10/06/business/steve-jobs-of-apple-dies-at-56.html. Retrieved on October 5, 2011. 
  2. Kapos, Shia. Taking Names: Stars in Chicago, but finding love elsewhere. Chicago Business (December 3, 2007). Тургутулунна 19 Ыам ыйын 2008.
  3. Germain, David (May 18, 2008). ""Indy" survives Cannes critics". The Denver Post via AP. http://www.denverpost.com/breakingnews/ci_9303267. Retrieved on September 26, 2010. 
  4. "Red Carpet at the Golden Globes". The New York Times. January 18, 2010. http://www.nytimes.com/slideshow/2010/01/18/movies/awardsseason/0118-REDCARPET_14.html. Retrieved on May 3, 2010. 
  5. "George Lucas Engaged to DreamWorks Animation Chairman Mellody Hobson". The Hollywood Reporter. January 3, 2013. http://www.hollywoodreporter.com/news/george-lucas-mellody-hobson-engaged-408012. Retrieved on January 3, 2013. 
  6. Billups, Andrea (June 24, 2013). "George Lucas Marries Mellody Hobson". People. http://www.people.com/people/article/0,,20711631,00.html. Retrieved on June 24, 2013.