Code Share

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Code Share сөбүлэһии. (ааҥл. Codeshare agreement) — Ханнык эмэ рейсы икки эбэтэр хас да авиакомпания коммерция өртүнэн бииргэ эксплуатациялыыр туһунан сөбүлэһии.

Ол аата биир авиакомпания бэйэтин көтөр аалынан рейсы толорор, онтон атыттар ити рейска бэйэлэрин ааттарыттан билиэт атыылыыллар.

Итинник рейстар иккилии нүөмэрдээх буолаллар. Холобур Дьокуускай - Новосибирскай рейс нүөмэрэ маннык S7-3262/ЯК-3262.