1924
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
| Сыллар |
|---|
| 1920 1921 1922 1923 — 1924 — 1925 1926 1927 1928 |
| Уоннуу сыллар |
| 1890-с 1900-с 1910-с — 1920-с — 1930-с 1940-с 1950-с |
| Үйэлэр |
| XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1924 сыл.
[уларыт] Туох буолбута
- Кулун тутар 17 — Көмүс бириискэлэри эксплуатациялыыр "Якутзолототрест" төрүттэнэр.
- Ыам ыйын 7 — Хотону дьиэттэн араарарга агитациялыыр "Ыраас олох" общество тэриллэр.
- Ыам ыйын 11 — Нелькаан сэлиэнньэни 32 киһилээх тоҥустар бартыһаан этэрээттэрэ ылар.
- Ыам ыйын 12 — Нелькааҥҥа тоҥустар мунньахтаан баран быһаарыы ылаллар: "Тоҥустары Сэбиэскэй балаастан босхолуурга уонна бэйэни салайыныыга олохсуйан саҥа олоҕу тутуу".
- Бэс ыйын 7 — 130 киһилээх тоҥустар этэрээттэрэ биир сутканы быһа кыргыһан баран Айаан порду ылар.
- Бэс ыйын 14 — Нелькааҥҥа Лаамы тоҥустарын съезтэрэ буолбут. Съезд "ССРСтан арахсарга уонна тутулуга суох ил тэрийэргэ" диэн уурааҕы ылбыт.
- Сэтинньи 3 — ЯЦИК ойууннааһыны утары охсуһууну биллэрбит.
- Сэтинньи 17 — ЯЦИК иһигэр хотугу аҕыйых ахсааннаах норуоттар кэмитиэтэ тэриллибит. Кэмитиэт Нелькаан тоҥустарыгар бэринэргэ ыҥырыы ылбыт.
[уларыт] Төрөөбүттэр
- Ахсынньы 12 — Горохова Евдокия Николаевна Саха биллиилээх ил уонна уобсастыба диэйэтэлэ. 1980 - 1985 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ.
- Бэс ыйын 14 — Авдеева Фаина Иннокентьевна, Саха АССР үтүөлээх учуутала.
[уларыт] Өлбүттэр
- Тохсунньу 21 — Владимир Ленин
- Олунньу 28 — Новгородов С.А., лингвист, саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи.