Туос ымыйа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Туос ымыйа — сүрдээх улахан истээх, кэтит, туруору эркиннээх, сиэдэрэй тигиилээх, арыт сиэл баайыылаах, арыт алтан кылырҕастаах (ытарҕалаах), арыт оҕуруо салбырҕастаах кымыс кутар туос иһит (сылгы чабычаҕын биир көрүҥэ).

Кэрэтик ойууланан-бичиктэнэн, ойуулаах туос хаппахтанан баай сүктэр кыыс солкотун, күндү таҥаһын угар иһитэ буолбут. Түү таҥас, солко манна харалла сытан буорту буолбат, үөн-көйүүр үөскээбэт. Маллаах иһит улахан көрүҥэ[1].

Өссө маны көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Саха ойуута-бичигэ: альбом / Мандар Уус. Дьокуускай: Бичик, 2007. — 288 с.: ил. ISBN 978-5-7696-2696-8