Саҥарар саҥа истииллэрэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саҥарар саҥа истииллэрэ. Киһи араас сиргэ, араас дьону кытта кэпсэтэр тыла-өһө куруук биир буолбат. Ону саҥарар саҥа истиилэ (стилэ) диэн ааттыыллар. Аныгы сайдыылаах киһи хаһан, ханна, хайдах тылы-өһү (стили) туттарын хайаан да билэрэ, сатыыра наада.

Саҥарар саҥаны 5 араас стильгэ араараллар: кэпсэтии тыла-өһө (стилэ), уус-уран айымньы тыла-өһө, публицистика, дьыала уонна наука стилэ. Хас биирдии стиль бэйэтэ аналлаах, тыла-өһө, этиитэ, тиэкиһэ уратылаах, туспа ирдэбиллээх.

Туһаныллыбыт сир[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Саха тыла. Морфология: 6 кылааска үөрэнэр кинигэ. / Неустроев Н. Н. уонна соавт. Бичик. 2006. - 112 с. ISBN 5-7696-2400-0