Оҕус мунна (тэллэй)
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Оҕус мунна (лат. Russula foetens (Pers. ex Fr.) Fr., нуучч.: Валуй) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.
Сэбирдэхтээх эбэтэр инньэлээх ойуурдарга бөлөхтөрүнэн үүнэр.
Оҥоһуутун ойуулааһын [уларыт]
Сэлээппэтэ: 6-15 см. Курааҥҥа хайыта барар, килбэчигэс, иитэ чараас, курдат көстөр. Сииктээх кэмҥэ салахайдаах.
Таҥалайдаах араҥата: Сырдык саһархай, кэлин арыый кытарар.
Этэ: кытаанах, үрүҥ, аһыы. Оччото суох сыттаах.
Туттуллуута [уларыт]
Буһаран баран тууһууллар уонна маринуйдууллар.