Ох саа
Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ох саа - оноҕоһунан ытарга аналлаах саа. Сэриигэ уонна булка туттуллар. Билигин күрэххэ эмиэ тутталлар.
Сахалар Орто азия омуктарыттан атын ох саалаахтар эбит. Оҕу оҥороллоругар хатыҥ уонна тиит маһын тутталлар эбит. Ол мастарын хатыыс кутунан силим оҥорон силимниилэр эбит. Бүтүннү оҥоһуллан бэлэм буолбутун кэннэ тас өттүн бүтүннүү туоһунан бүрүйэллэр, сиик тардыбатын диэн.
Ох саа ортото, тутар сирэ тутаах дэнэр, иэҕиллэн токуруйар сирэ чаачар дэнэр, төттөрү токуруйар сирдэрэ кураах диэн дэниллэр, уонна ону нөҥүө муос дэнэр. Ох саа быата кирис диэн дэнэр.
Ох саа киһи төһө күүстээх соччоннон кытаанах гыналлар эбит. Онон күүстээх киһи оҕо ордук күүскэ тэбэр эбит. Күүстээх охтон ытар киһини "Күүстээх эрбэхтээх" дииллэр эбит. Холобура, үүнэн турар тиит маһы дьөлө ытар дьон бааллар эбит.
Бэгэччэхтэрин кирис охсоруттан харыстаан оҕу тутар илии улахан тарбаҕар дапсы диэн муостан оҥоһуллубут тэрили кэтэллэр эбит.
Ох сааны куонньалыкка илдьэ сылдьаллар эбит. Куонньалык икки аҥаардаах, аллараа өттүгэр ох саа угуллар, үөһээ өттүн ардахха эбэтэр ууралларыгар кэтэрдэллэр.